Индигиир өрүскэ ууга түспүт дьон өлүктэрин буллулар

Share

Абый улууһугар Индигиир өрүскэ «Буранынан» айаннаан иһэн, ууга түспүт киһи өлүгүн буллулар. Ону тэҥэ, сэтинньи 9 күнүгэр Өймөкөөн улууһугар Индигиир өрүскэ муус анныгар түспүт үс эр киһи өлүктэрин буллулар диэн СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр.

Хаартыска: СӨ Быыһыыр сулууспата

Бэҕэһээ Быыһыыр сулууспа быыһааччылара Өймөккөөҥҥө көппүттэрэ. Кинилэр өрүс түгэҕин уу анныгар устар видеокамераларынан чинчийэн, сүтүгү буллулар. Индигиир дохсун сүүрүктээх өрүс, онон муус аннынан сүтүгү көрдүүр уустук үлэ этэ.

Быыһыыр сулууспа 6 быыһааччытын сэргэ, 10 баҕа өттүнэн кыттыспыт дьон үлэлээтилэр.

Билигин муус халыҥыы илигинэ өрүстэр, күөллэр муустарыгар тахсар, ону ааһан, тырааныспарынан айанныыр олус кутталлаах. Быйыл дьыл хойутаан кэллэ, онон муус халыҥын былырыыҥҥыны кытта тэҥнээн көрөр оруна суох.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
6
+1
2
+1
5

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ил Түмэҥҥэ саха киинэтин сайдыытын туһунан кэпсэттилэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ "Саха киинэтин сайдыыта" диэн "төгүрүк остуол" буолла. Манна саха киинэтин…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Ньурба оройуонугар Мэҥэдьэк боруода сылгытыгар бааза арыйдылар

Ньурба оройуонун Маалыкай уонна Хатыы сэлиэнньэлэригэр “Саха сүөһүтэ” генофонднай      хааһына тэрилтэтэ сылгы баазаларын…

8 минут ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

51 минута ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

1 час ago