Инфляция бу сайын муҥутаан үрдүөҕэ
23.03.2024, 12:47
Хаартыска: rutube.ru
Бөлөххө киир:
Эспиэртэр этэллэринэн, сыллааҕы инфляция муҥутаан 2024 с. иккис кыбаарталыгар, саас бүтүүтэ, сайын кэлиитэ үрдүөҕэ. Олунньуга инфляция 7,69% этэ. Бу туһунан «РБК» иһитиннэрэр.
Дойду Киин Баанын үпкэ-харчыга, кирэдьиит бэлиитикэтигэр Департаменын дириэктэрин солбуйааччы Андрей Ганган 16% сүрүн ыстаапка инфляцияны тутарын, солкуобай куурса бигэ туруктаах буоларын туһунан эппитэ. Кини кэлэр үс сылга сүрүн ыстаапка 10% диэри түһэр чинчилээҕин сабаҕалыыр. Оччотугар ипотека, кирэдьиит бырыһыана эмиэ намтыа этэ.
Санатан эттэххэ, инфляция муҥутаан үрдээн, 2022с. муус устарыгар 17,83% тиийэ сылдьыбыта.
Инфляция үрдээтэҕинэ, тилэх баттаһан, сыана ыарыыр. 2023 с. сымыыт сыаната 61,35%, помидор 51,1%, кэккэ фрукта 46-48% үрдээбитэ.
+1
+1
+1
+1
+1
3
+1
1
+1
5
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: