Киэҥ далааһыннаах «ИнформУИК» бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр быыбардааччыларга аадырыстаах иһитиннэрии бүтэрэ чугаһаата.
Бу бырайыак дойду үрдүнэн олунньу 17 күнүгэр саҕаламмыта уонна сарсын, кулун тутар 7 күнүгэр, түмүктэниэҕэ диэн СӨ Киин быыбардыыр хамыыһыйата иһитиннэрэр.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ быыбардааччылар олорор аадырыстарынан кэрийдилэр, бу хаалбыт күҥҥэ көрсүбэтэх дьонноругар иһитиннэрии оҥоруохтара.
Кулун тутар 6 күнүнээҕи туругунан учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ 285409 дьиэни кэрийдилэр, 425041 быыбардааччыга иһитиннэрии оҥордулар. Ыйытык түмүгүнэн, 215435 киһи хайаан да быыбарга кытталларын эппиттэр, ол быыбардааччылар 83,8% ылар.
Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ быыбардааччыларга сылдьан, дьиэҕэ ким куоластыан сөбүн чуолкайдаатылар. 8934 (3,8%) быыбардааччы дьиэлэригэр куоластыыллара сатамньыта суоҕун эттилэр. 11580 быыбардааччы ханна тиийбит сирдэринэн куоластыырга сайабылыанньа биэрэр санаалаахтарын биллэрдилэр.
Кулун тутар 6 күнүттэн бары Учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар үлэлэрин саҕалаатылар, онон быыбардааччылар бэйэлэрин учаастактарыгар тиийэн испииһэктэрин чуолкайдыахтарын, дьиэҕэ куоластыырга сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп.
Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …
Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…
Үүнэр сылы хайдах көрсөҕүн да, кэлэр сылыҥ оннук буолар диэн өс хоһооно баар. Дьэ, ол…
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…