Салгыы
Инсульт диэн тугуй?

Инсульт диэн тугуй?

10.11.2024, 16:00
ХААРТЫСКАЛАР МАРИАННА ИСАКОВА, ЕКАТЕРИНА МУЧИНА ТУС АРХЫЫПТАРЫТТАН
Бөлөххө киир:

Инсульт – аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт биир сүрүн ыарыы. Бу ыарыыттан харыстаныахха сөп.   Киһи доруобуйатын эрдэттэн көрүнэ сылдьыахтаах. Холобур, саастаах киһи ыарыы сүрүн төрүөтүн  аҕыйата сатыахтаах.

Марианна Исакова, Нэһилиэнньэ доруобуйатын уонна ыарыыны сэрэтэр өрөспүүбүлүкэтээҕи киин невролог-бырааһа:

–  Инсульт сэрэппэккэ кэлэр ыарыы, мэйии тымырдарынан кини килиэккэлэригэр кислород тиийэрэ мөлтөөтөҕүнэ үөскүүр. Кислородунан хааччыйар тымырдар ханнык эрэ  салаалара кыараатаҕына эбэтэр бүөлэннэҕинэ эбии бэргиир. Кислороду хаан тарҕатар. Атеросклероз бляшкалара киһи хааныгар холестерин курдук эттиктэр аһары үрдээһиннэриттэн үөскүүллэр.

Инсульт икки араастаах

Ишемическэй инсульт — тымыр бүөлэниитэ.

Тымыр кыарааһынын түмүгэр  мэйиигэ кислород тиийбэтэх сиригэр үллүү үөскүүр. Атеросклероз бляшкалара тымыр эркинигэр сыстан баран тааһыран хаалаллар, оччоҕо хаан сатаан сүүрбэт, кислород тиийбэт. Ол түмүгэр бүөлэммит тымыр тула  «аччыктааһын» (ишемия – кислородное голодание) саҕаланар.

Геморрагическай ин­сульт –хаан бөлүөхсүйүүтэ.

Эмискэ хаан баттааһына үрдээһинин түмүгэр тымыр быстан, мэйиигэ хаан турар.

Ол түмүгэр  мэйии ньиэрбэтин килиэккэлэрин үлэтэ мөлтүүр  эбэтэр килиэккэ өлөн үлэлээбэт буолар. Оччоҕуна  киһи илиитин, атаҕын уҥа эбэтэр хаҥас өттө кыайан хамсаабат, үлэлээбэт .

Ыарыы бастакы сибикилэрэ

Ыарыы сүрүн бэлиэтэ – төбө ыарыыта, мэйии эргийиитэ, сылайыы, илии, атах хаҥас эбэтэр уҥа өттө сэниэтэ суох буолара. Ол гынан баран, ыарыы баарын биллэримиэн сөп, ол олус сэрэхтээх уонна кутталлаах. Киһи кэпсэтэрин, саҥарарын ыарырҕатыан, суруйарыгар буочара уларыйыан, ону таһынан, хараҕа көрөрө мөлтүөн сөп, хаамара, хамсанара уларыйар.

Сибикилэрин хайдах быһаарабыт?

– Сирэй ханньары барар.

– Киһи икки илиитин тэҥҥэ өрө ууммат, өрө көтөхпөт, уҥа эбэтэр хаҥас өттө мөлтүүр.

– Киһи тыла бөлүөхсүйэр, чуолкайа суохтук саҥарар буолар.

Бу маннык буолбут киһиэхэ  суһал көмөнү ыҥырар булгуччулаах. Мэдиссиинэ үлэһитэ кэлиэр диэри ыалдьыбыт киһини хамсатар уонна туруорар көҥүллэммэт.

Доруобуйаҕытын көрүнэ, бэйэҕитин харыстана сылдьыҥ!

­

Екатерина Мучина, Өрөспүү­бүлү­кэтээҕи 3 №-дээх килинии­чэскэй  балыыһа Гериат­рияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ:

Инсульт сүрүн төрүөттэрэ:

Киһи күннээҕи олоххо доруобу­йатын көрүнэ, эмтэнэ сылдьыах­таах. Ол эбэтэр, доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлэтэн (диспансеризация), ыйааһынын, хаанын бат­­тааһынын, хаанын састаабын, холестеринын, тымырдарын, сүрэҕин туругун билиэхтээх.

  • – Бастатан туран, хаан баттааһынын көрүнүөхтээх.
  • – Сылга биирдэ холестеринын туругун бэрэбиэркэлэтиэхтээх.
  • – Хааҥҥа саахар туругун билиэхтээх, сылга биирдэ  сүрэҕин кардиограммаҕа уһултарыахтаах.

Көрдөрүү түмүгүнэн уларыйыы тахсыбыт буоллаҕына, бырааска тиийэн салгыы көрдөрүнүөн, дириҥ чинчийиини ааһыан  наада.

Ыарыы сороҕор удьуорунан бэриллибит эбэтэр тымыр аневризмата, сүрэх ыарыыта кэлин баар буолааччы. Итини билэргэ: МРТ, тымыр, сүрэх УЗИ-гар уһултарыахха сөп.

Оннук ыарыы көһүннэҕинэ, кэмигэр эмтэнэн, көрдөрүнэ сылдьыҥ, инсультка тириэрдибэт курдук эрдэттэн  эмтэниҥ.

Сүрүн эмтээһин консервативнай эбэтэр хирурги­ческай буолар: 

  • – Каротидная эндартерэктомия – атеросклероз буолбут бляшканы уонна ыалдьыбыт тымыры ылаллар.
  • – Стентированиенан ангиопластика оҥорон кыараабыт тымыры кэҥэтэллэр.
  • – Аневризманы анал   клипсинэн хам туталлар.

Харыстаныы

Куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныахха (табах, арыгы уо.д.а.) Табахсыт тымырын никотин дьаата сиир, тымыр уларыйан (синньиир), кыараан атеросклероз буолар.

Арыгы дьаата сүрүн тымыр, сүрэх үлэтигэр дьайан ыарыы төрүөтэ буолар.

Аскын көрүн, сыалааҕы, арыылааҕы элбэхтик сиэбэт буола сатаа. Ыйааһыҥҥын көрүнэ сырыт. Кыаллар буоллаҕына, элбэхтик хаама, хамсана сырыт,  ыраас салгыҥҥа күүлэйдээ, доруобуйаҕын бөҕөргөт.

Маны барытын тутуһа уонна бириэмэтигэр сөпкө аһаан сырыттахха, куһаҕан холестерин, хаан баттааһына биир кэм сылдьыахтаах.

Аһыыр ас калорийа эмиэ улахан оруоллаах.

Ыйааһыны биир кэм тута сылдьарга көмөлөөх: успуорт уонна лечебнэй физкултуура;

Ону таһынан:

  • – харбааһын;
  • – йога;
  • – бэлэсипиэтинэн айан;
  • – спортивнай хаамыы.

Куруутун дьарыктаннахха, сүрэх, тымыр, хаан  үлэтэ  бөҕөргүүр. Хаан баттааһынын биир кэм тута сылдьыахтаах. Ол иһин куруук кээмэйдэнэ, хонтуруоллана, ону таһынан, хааҥҥа саахар таһымын көрүнэ сылдьыах­таах, ордук сахарнай диабеттээх киһи саахарын таһаарбакка, холестеринын көрүнэн, эрдэттэн сэрэнэн эмтэниэхтээх.

Хаан баттааһынын куруук көрүнэ сылдьыахтаах, бы­­раас анаабыт эми иһиэхтээх. Аһын көрүнэ сылдьыахтаах, үөһээ этиллибитин курдук.

+1
11
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
21 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -28°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: