Инсульт төрүөтэ туохха сытарый?
Алтынньы 29 күнэ – Инсульт ыарыыны утары охсуһар аан дойдутааҕы күнэ. Аныгы кэмҥэ сүрэх-тымыр ыарыыта, ол иһигэр инсуллаабыт, ону тэҥэ өлбүт ыарыһах ахсаана ааспыт сыллары кытта тэҥнээтэххэ элбии турар. Ыалдьыбыттарга көмөнү оҥоруу аныгы тиһигэ мэйии хаанын эргиирэ сытыытык кэһиллибит сибикилээх дьону барыларын стационарга угарга сабыдыаллыыр. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык ыарыһахтарга көмөнү оҥорор тэрилтэ элбэх. Бу ыарыы туохтан үөскүүрүй уонна ким ордук ыалдьарый? диэн ыйытыктарга эспиэрдэр хоруйдууллар.
Туохтан үөскүүрүй?
Уойуу, табахтааһын, арыгылааһын, олоххо күннэтэ кэриэтэ көрсүллэр араас стресстэр, сыыһа аһааһын, күннэтэ аҕыйахтык хамсаныы, тулалыыр эйгэ алдьаныыта инсульт ыарыытыгар тиэрдиэн сөп. Инньэ гынан куһаҕан дьаллык, гиподинамия, истириэс, соҕотохсуйуу сүрэх-тымыр ыарыыта үөскүүрүгэр быһаччы дьайар.
Ыарыы сибикитэ
Бу ыарыы эрдэтээҥҥи бэлиэлэрэ — киһи төбөтө ыалдьар, мэйиитэ эргийэр, сэниэтэ суох буолар, туох да төрүөтэ суох илии, атах ыарыыр, утуйан хаалар, дыыгыныыр, тыл булдьуйан ылар. Атеросклерозтан мэйии үлэтэ кэһилиннэҕинэ. инсульт киһини охторон түһэрэр. Сыалаах-арыылаах аһы төһөнөн элбэҕи аһыыбыт, соччонон тымырбыт сорох сиринэн бүөлэнэр. Онон хаан эргиирин мөлтөөһүнэ баран, мэйиигэ хаан эргиирин күүстээх кэһиллиитэ тахсар. Ыарыы эмискэ киирэр. Киһи сэниэтэ суох буолан хаалар. Аҥар илиитэ, атаҕа босхо барар, сылаабайдыыр саҥарар дьоҕура кэһиллэр. Мэйии күүскэ эргийиэн, төбө күүскэ ыалдьыан сөп.
Ким ордук ыалдьарый?
Бу ыарыынан ким баҕарар ыалдьыан сөп — сааһыттан, социальнай балаһыанньатыттан тутулуга суох. Үксүн саастаах дьон ыалдьар. Ол гынан баран, инсульт кэлиҥҥи сылларга, эдэр дьон ыалдьара элбиир.
Бастакы көмө хайдах оҥоһулларый?
Инсульга уорбалааһын баар буоллаҕына, тута Суһал көмөнү ыҥырыахха наада. Ону кытта инсульт маҥнайгы сибикитэ баар буоллаҕына, бэрт түргэнник Суһал көмөнү ыҥырар булгуччулаах.Үксүгэр инсульт содула инбэлииккэ тиэрдэр. Инсульт кэнниттэн киһи хаамар, хамсыыр эрэ буолбакка, өссө толору толкуйдуур, саҥарар дьоҕурун сүтэрэр.
Ыарыыны хайдах сэрэтэбит?
Киһи мэлдьи доруобуйатын көрүнэ, ис туругун истэ сылдьыахтаах. Туһалаах дьарык булан, холкутук, биир кэмник олоро сатыыр наада. Саастаах киһиэхэ, этин-сиинин ноҕурууската, ордук, аһылык өттө, барыта сөбүгэр буолуохтаах. Саастаах дьон элбэхтик хамсаналлара хайаан да наада. Эти-сиини эрчийии дабылыанньа таһымын эрэ буолбакка, холестерины эмиэ түһэрэр, ону тэҥэ когнитивнай (толкуйдуур) функцияны тупсарар. Ыарыһах быраас анаабыт эмтэрин көтүппэккэ бириэмэтигэр иһэрэ ирдэнэр. Ыарыһах бэйэтин хонтуруолланыахтаах. Инсуллаабыт киһи (30%) иккистээн ыалдьар түгэнэ элбэх.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: