25 киһини тиэйэн испит «ИрАэро» авиахампаанньа сөмөлүөтүн аана көтөн истэҕинэ аһыллыбыт.
Маннык ыксаллаах быһыы-майгы сөмөлүөт халлааҥҥа хас да килэмиэтир үөһээнэн көтөн истэҕинэ тахсыбыт. Сөмөлүөт иһигэр 25 киһи баара. Көтөн истэхтэринэ, таһаҕас тиэйэр отсекка баар аан (люк) эмискэ аһыллыбыт. АН-26-100 сөмөлүөт Маҕантан—Магадаҥҥа олохтоох бириэмэнэн күнүс 14.00 чааска көппүт. Хата, дьолго, 25 киһиттэн ким да эмсэҕэлээбэтэх. Арай сорох дьон кэтэн олорбут бэргэһэлэрэ халлаан куйаарыгар көппүт. Ыксаллаах быһыы-майгы тахсаатын кытта пилоттар сөмөлүөтү сиргэ түһэрэргэ быһаарыммыттар. Тырааныспар борокуротуурата бэрэбиэркэни ыытар.
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.
От ыйыгар ГАИ үлэһитин тохтобулга ирдэбилин толорботох иһин ыстараап 12,5 төгүл үрдүөҕэ, ОСАГО полиһа суох…
От ыйын 1 күнүгэр Национальнай бэчээт күнэ бэлиэтэнэр. Бырабыыталыстыба дьиэтигэр сахалыы тыллаах көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэригэр,…
Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан байыаннай дьайыы 32 кыттыылааҕа уонна байыаннай сулууспалаахтар 85 дьиэ кэргэттэрин чилиэнэ…