Историческай пааркаҕа “Наука 0+” бэстибээл аһылынна
Балаҕан ыйын 4 күнүгэр Дьокуускайга “Наука 0+” бэстибээл чэрчитинэн “Арассыыйа – мин устуоруйам” историческай пааркаҕа научнай-популярнай лиэксийэлэр саҕаланнылар.
Оскуола оҕолоро, орто, үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннара икки этээһинэн араас тиэмэлээх лиэксийэлэри иһиттилэр.
Лиэксийэлэр араас хайысхалаахтара ааттарыттан да көстөр: “Археология под ногами: детские игрушки XVIII-XIX вв. Из раскопок в исторической части Якутска”, “Нейротехнологии в образовании”, “Новые наноматериалы и как они изменяют мир”, “Пора “наташ” и холодов нестрашных”, о.д.а.
Федосеева аатынан Арктическай археология түмэлин научнай үлэһитэ Елена Соловьева ааспыт үйэлэргэ олорбут оҕолор оонньуурдарын туһунан ойуулары көрдөрө-көрдөрө бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
“Бэстибээлгэ лиэксийэтэ аах диэбиттэригэр бэстибээл аатын саныы түспүтүм – “Наука 0+” диэн. Ол иһин оҕолорго интэриэһинэй буоллун диэн бу тиэмэни талбытым. Хаһыыларга сылдьан, оҕо оонньуурдарын булаттааччыбыт. Тиэмэ интэриэһинэй, лиэксийэҕин биһиэхэ кэлэн аах диэн уһуйааҥҥа ыҥырдылар, төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ анаан”, — диэтэ.
Сидор Иванов, 5 кылаас үөрэнээччитэ:
“Мин урут олорбутум буоллар, эмиэ итинник оонньуурдардаах буолуо эбиппин. Онно холоотоххо билиҥҥи оонньуурдар үчүгэйдэр эбит. Уруккулартан ат оонньуурдары интэриэһиргээтим”, -диир.
Историческай пааркаҕа лиэксийэлэр бииртэн биир солбуһан иһэллэр. Сорох тиэмэлэр ордук устудьуоннарга сөптөөхтөр дуу дии саныыгын. Төрөппүт Марианна Лукачевская үһүс кылааска үөрэнэр оҕотун “Моя Россия” диэн лиэксийэҕэ аҕалбыт:
“Оҕолор бу тэрээһиҥҥэ куруук сылдьаллар, төһө да өйдүүллэрин ыарырҕатталлар сөбүлүүллэр. Төрөппүт быһыытынан маннык тэрээһиннэргэ сылдьалларын көҕүлүүбүн, улаатан истэхтэрин аайы өйдүүр буолан иһиэхтэрэ. Субуотаҕа “Дохсуҥҥа” буолар быыстапкаҕа хайаан да барыахпыт”.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: