Салгыы
Касым-Жомарт Токаев: “Казахстан уонна Арассыыйа стратегическэй суолталаах дойдулар”

Касым-Жомарт Токаев: “Казахстан уонна Арассыыйа стратегическэй суолталаах дойдулар”

10.11.2023, 22:00
РФ бэрэсидьиэнин пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:

Казахстан бэрэсидьиэнэ Касым-Жомарт Токаев Арассыыйа уонна Казахстан бииргэ үлэлэһиилэрин форумугар икки дойдулар доҕордуу сыһыаннаахтарын таһынан стратегическэй суолталаах бырайыактардаахтарын бэлиэтээн эттэ.

Арассыыйаны кытары табаары эргиниибит, инвестицияҕа үлэлэһиибит сылтан сыл кэҥээн иһэр. Холобура, билигин хардарыта табаарынан эргиниибит көрдөрүүтэ 27 миллиард дуолларга тиийдэ. Оттон Арассыыйаттан киирэр инвестиция 20 миллиард дуоллартан таҕыста. Казахстаҥҥа тас дойдуттан 42 тыһыынчаттан тахса хампаанньа үлэлиириттэн 19 тыһыынчата Арассыыйа хампаанньата. Бу хампаанньалар экэниэмикэбит үгүс эйгэтигэр бииргэ үлэлииллэр. Бырамыысыланнаска да, тыа хаһаайыстыбатыгар да, тырааныспарга да буоллун барытыгар. Манна ордук чорботон энергетикаҕа үлэбитин бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бу соторутааҕыта алтынньыга Узбекистаҥҥа Казахстанынан барар Арассыыйа гааһын ситимин үлэҕэ киллэрдибит. Бу бырайыак киин Азияҕа суолтата улаханын бары да билэҕит. Итини сэргэ биир улахан бырайыакпытынан “Татнефть” хампаанньаны кытары бутадиены оҥорон таһаарар собуоту тутуубут буолар. Бу бырайыактар барыта Казахстан уонна Арассыыйа биир санаалаахтарын уонна бииргэ үлэлэһиигэ стратегическэй суолталаах дойдулар буолалларын көрдөрөр, — диэн иһитиннэрдэ Касым-Жомарт Токаев.

+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: