Казахстантан кыайыы көтөллөөх

Share

Казахстаҥҥа Алматыга «Сымбат» дизайн уонна технология институтугар олунньу 29 — кулун тутар 1  күннэригэр  «CREATIVE WORLD» норуоттар икки ардыларынааҕы күөн күрэс ыытылынна.

Бу күөн күрэскэ Дьокуускайтан «Үктэл» айар түмсүү уран тарбахтаахтара (сал. норуот маастара Л.П.Жиркова) кытыннылар диэн «Симэх» киинтэн иһитиннэрэллэр.

Куонкурус тиэмэтэ: «Вдохновение без границ: слияние национального и современного стиля». Сыала-соруга — дизайнердар, худуоһунньуктар, конструктордар, технологтар, визажистар, гримёрдар айар дьоҕурдарын сайыннарыы, ускуустуба уонна технология уобалаһыгар профессиональнай эйгэни тэрийии, норуоттар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһини тэрийии.

Тэрээһин иитинэн «Инновации и традиции в дизайне: объединение современных технологий и искусства» тиэмэҕэ научнай-практическай кэмпириэнсийэ тэриллибит. Манна 11 дойдуттан кыттыыны ылбыттар. Алта араас номинацияҕа 55 кэллиэксийэ көрдөрүллүбүт. Манна «Профи», «Студент», «Юниор» категорияларынан кыттыбыттар.

Казахстаҥҥа, Кыргызстаҥҥа орто анал үөрэххэ, үрдүк үөрэххэ үөрэнэр уонна үөрэҕи бүтэрбиттэр оҥорбут араас элбэх кэллиэксийэлэрэ көрдөрүллүбүттэр.

-Маннык интэриэһинэй куонкуруска кыттыбыппытыт санаабытын кынаттыыр. Ордук «Профи» категорияҕа «Культурное наследие и искусство» номинацияҕа 1 миэстэни ылбыппытыттан үөрэбит. Гала-кэнсиэргэ дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылбыт «Лоскутное узорочье в украшениях саха» кэллиэксийэни көрдөрдүбүт. Саха сирин дэлэгээссийэтин бары кыттыылаахтара тэрийээччилэргэ олус истиҥ көрсүһүүлэрин, куонкуруһу уонна тиэхиньиичэскэй наука дуоктара, искусствоведение профессора, гуманитарнай-экэнэмиичэскэй университет «Сымбат» дизайн уонна технология институтун салайааччыта, ытыктабыллаах Сабыркуль Жайлаубековна Асанова үбүлүөйүн кытары сибээстээх наһаа интэриэһинэй тэрээһиннэргэ кытыннарбыттарыгар  иһин махтанабыт, — диэбит норуот маастара, «Үктэл» айар түмсүү салайааччыта Людмила Жиркова.

Хаартыскалар «Симэх» киин тиксэриилэрэ

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

46 секунд ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

29 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

43 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

2 часа ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Маны билэҕин дуо?  Бит-билгэ

Бит-билгэ туһунан төһө билэҕин? Киэһэ хойут дьиэҕит муостатын сууйар буоллаххытына, этэҥҥэ сылдьыыгытын, үтүө туруккутун сууйаҕыт.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Харах балыыһатыгар Арассыыйа Гиннеһин рекорда оҥоһулунна

2025 сылга Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмологическай балыыһа тэриллибитэ 100 сылын туолар. Бу бэлиэ күнү көрсө, ахсынньы 11…

2 часа ago