Казань куоракка тахсыбыт иэдээнинэн Дьокуускайга бэйдиэ ыттары тутууга үлэ күүһүрэр
Казань куоракка тахсыбыт иэдээнинэн Дьокуускайга бэйдиэ сылдьар ыттары тутууга үлэни күүһүрдэр туһунан баһылык Евгений Григорьев сорудахтаата. Бу туһунан «Эхо столицы» суруйар.
«Билиҥҥи туругунан бары миэрэни ылыахпытын, биһигини сокуон хааччахтыыр», — диэн иһитиннэрбит куорат баһылыга. Ол курдук, билигин куорат үрдүнэн уопсайа ыты тутар 26 ловушканы бэлэмнээбиттэр. Сорохтор өрөмүөҥҥэ тураллар үһү.
Сэтинньи 9 күнүгэр Казань куоракка ааһан иһэр дьон ыкка ытыртарыы суоллаах-иистээх дьахтар өлүгүн булбуттар. Холуобунай дьыала тэриллибит. «Вечерняя Казань» суруйарынан, Самосырово диэн куорат таһынааҕы бөһүөлэккэ 49 саастаах дьахтар өлүгүн булбуттар. Олохтоохтор сабаҕалааһыннарынан, дьахтары бэйдиэ сылдьар ыттар саба түһэн өлөрбүттэр. Кини сарсыарда эрдэ үлэлиир симиэнэтигэр баран испит. Дьахтар өлүгүн таһыгар үөррүнэн ыт сылдьарын производственнай бааза таһынааҕы камера устубут. Бу баазаҕа бэйдиэ сылдьар ыттары аһаталлар эбит. Онон Казань олохтоохторун быһыылаан улаханнык аймаата.
Бэлиэтээн суруйдахха, биһиэхэ бэйдиэ сылдьар ыт кыһалҕата эмиэ сытыытык турар. Аҕыйах сыллааҕыта Дьокуускай куорат ипподромугар үөр ыттан дьахтар суорума суолламмыта. Оттон бу ааспыт ый саҥатыгар Чульмаҥҥа бэйдиэ ыттар саба түһүүлэриттэн 12 саастаах кыысчаан өлбүтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: