Кэбээйи улууһа «Табыс 2024» икки хамаанданы бэлэмнээтэ
«Табыс» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээлэ быйыл Кэбээйи улууһугар ыытыллар.
Кэбээйилэр бэстибээлгэ икки хамаанданы туруоруохтара. Ол курдук, Кэбээйи улууһун дэлэгээссийэтигэр көхтөөх эдэр уопсастыбанныктар уонна олохтоох ыччат киирдэ. Улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Александр Сивцев дэлэгээссийэ кыттыылаахтарыгар ситиһиини уонна умнуллубат түгэннэри баҕарда уонна билигин байыаннай дьайыыга дойдутун көмүскүү сылдьар Кэбээйи улууһун баһылыгын Иван Левин аатыттан алгыс тылларын тиэртэ.
Бу күн Кэбээйи ыччатын үөрүүтүгэр СӨ Ыччат дьыалаларын уонна социальнай коммуникацияларын сайдыытын миниистирэ Петр Шамаев кэлиитэ соһуччу уонна үөрүүлээх буолла. Миниистир Петр Шамаев бэлиэтииринэн, улуус сүрүн бэрэстэбиитэллэрэ Кэбээйи ыччата буоларын эттэ. Ол курдук, Табыс 2026 сылга буолуохтаах Олоҥхо ыһыаҕар блэмнэнии буоларын бэлиэтээтэ, — диэн Кэбээйи улууһун «Дабаан»хаһыата сырдатар.
«ТАБЫС» ыччат бэстибээлэ «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак иитинэн ыччакка туһуламмыт Бүтүн Арассыыйатааҕы «Регион для молодых» куонкурус чэрчитинэн ыытыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: