Кэлэр сылтан страховой биэнсийэ кээмэйэ 7,5% үрдүөҕэ

Share

Бэрэсидьиэн Владимир Путин сэтинньи 27 күнүгэр 2024 сылтан кырдьар сааһынан уонна инбэлиитинэн тахсар страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрүн үрдэтэр туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. 

Бу сокуон чэрчитинэн, 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ 1 коэффициена 129,5 солкуобайтан 133,1 солкуобайга диэри үрдүүр, страховой биэнсийэ бигэргэммит төлөбүрэ 7915,4 солкуобайтан 8134,9 солкуобайга диэри үрдүүр.

Бу миэрэ биэнсийэ таһымын үрдээһинэ инфляция таһымыттан намыһах буолбатын туһугар оҥоһуллар. Бу үрдээһин үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ сыһыаннаах.

Алтынньы 24 күнүгэр Госдуума үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэлэрин 7,5% үрдэтэр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыытыгар ылыммыта. Онон бэрэсидьиэн илии баттаабытын кэннэ, сокуон күүһүгэр киирдэ.

Арассыыйаҕа страховой биэнсийэ орто кээмэйэ 22 605 солкуобайга, кырдьар сааһынан биэнсийэни ылар дьон биэнсийэлэрэ 23 449 солкуобайга тэҥнэстэ диэн «Известия» иһитиннэрэр.

 Саха сиригэр хотугу эбиликтэр, оройуоннааҕы коэффициент эбиллэр буолан, биэнсийэ орто кээмэйэ итиннээҕэр үрдүк буолар. Сүрүнэ, үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр билигин ыла сылдьар биэнсийэлэрин кээмэйэ 7,5% үрдүөхтээх. Ол эбэтэр, 1600-2000 солкуобайынан үрдүөҕэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫРЫСЫАП: “Чэчикчээннэр”

Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

КЭПСЭЭННЭ ИСТИЭҔИҤ: «Кэрэмэс» (аудио)

sakha-sire.ru саайт «Кэпсээннэ истиэҕиҥ» диэн бырайыагар «Саха сирэ» хаһыат суруналыыһа Ульяна Захарова "Кэрэмэс" кэпсээнин истиҥ. …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ат сылыгар төрөөбүт Максим Березин

Ньурба улууһуттан төрүттээх суруналыыс, ырыаһыт, СӨ Суруналыыстарын сойууһун «Кыһыл көмүс микрофон» бириэмийэтин хаһаайына, СӨ тэлэбиидэнньэтин…

8 часов ago
  • Уопсастыба

Убаһа этэ: дьолу-сору тэҥинэн тэбиэ (олох очурдара)

Бааска куораттаан иһэр. Ол аайы мээнэ киирэр-тахсар дьону ылбата, онно-манна тастаран киһи бириэмэтин сииллэр. Кинилэр…

1 день ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

2025 сыл бастыҥ спортсмена — Лев Павлов

2025 сыл бастыҥ спортсменынан тустуук Лев Павловы саарбахтаабакка ааттыыбыт. Ахсынньыга ыытыллыбыт Чөмпүйүөннэр баалларыгар “Сыл бастыҥ…

1 день ago
  • Уопсастыба

Санаа быраас кинигэтэ

Куйаар ситиминэн «Санаа быраас» диэн илии баттааһыннаах тэттик суруйуулар кэлэр буолбуттара балай да кэм буолла.…

1 день ago