Салгыы
Кэлиэхтээҕинэн эрэ олоруу – бүгүҥҥүнү сүтэрии

Кэлиэхтээҕинэн эрэ олоруу – бүгүҥҥүнү сүтэрии

21.12.2024, 18:00
ХААРТЫСКА HTTPS://PXHERE.COM/RU/PHOTO/580993.
Бөлөххө киир:

“Кирэдьииппин төлөөн бүтэрдэхпинэ, массыына атыыластахпына ыал буолуом эбэтэр дьиэбитин-уоппутун тэринэн, харчы мунньунан баран оҕолонуохпут” диэн курдук ис хоһоонноох олоҕу былаанныыр дьон ардыгар баар буолаллар. Кинилэр санааларыгар олох наһаа уһун. Туох барыта иннилэригэр курдук буолар. Ол эрээри ис дьиҥэр оннук буолбатах.

Былааннааһын уонна ыраланыы

Сорох сүрүн болҕомтону инникини былааннааһыҥҥа уонна туола илик баҕа санааларыгар уурар. Ол түмүгэр киһи бүгүҥҥү күнүн, буола турар олоҕун сиэртибэлиир.

Олоҕу былааннаан олорор куһаҕана суох. Уһун сыллаах былааннааһынтан сибилиҥҥи олоҕу хаалларан туран буола илигинэн олорууну психологтар “синдром отложенной жизни” дииллэр.  Арассыыйа биллиилээх психолога Владимир Серкин бу синдрому чинчийбит. Уһун сыл­лаах былааннааһынтан “күннээҕи олоҕу умнуу синдрома” атыннаах.

Ол курдук, Хоту сиргэ соҕурууттан үлэлии кэлбит эдэр ыал саастарын устата харчы мунньан сылаас дойдуга көһөр туһунан ыраламмыттар. Кинилэр оҕолоро төрөппүттэрин баҕа санааларынан олорбуттар. Наар харчы мунньунар сыаллаах буолан мээнэ бырааһынньыкка сылдьыбакка, бэлэх бэрсибэккэ, куруутун соҕуруу көһөр туһунан санаан олорбуттар. Сааһыран, биэнсийэҕэ тахсан баран баҕа­лаах Соҕурууларыгар көспүттэр. Ол эрээри онно  тиийэн баран эр киһи ыалдьан олохтон барбыт. Оттон сааһырбыт дьахтар сааһын тухары Хоту олорбут эдэр сааһын санаан, ааспыт олоҕун сырдык кэмин аны ыралыыр буолбут. Саатар биирдэ олорбут уопсайын, үлэлээбит сирин көрөр баҕалаах олоҕун моҥообут.

Бүгүҥҥү күн үөрүүтэ

Бүгүҥҥү күнү сиэртибэлээн туран, хаһан эрэ буолуох­таах  уонна кэлиэхтээх сырдык, кэрэ олоҕу күүтүү туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин психологтар бэлиэ­тииллэр. Оттон ол күүтүүлээх олох кэллэр кэлэн иһимиэн сөп. Буолуохтаах бырааһынньык, тэрээһин, хаһан эрэ үүнүөхтээх дьоллоох түгэн кэлимиэн эмиэ сөп. Киһи баҕа санаатын олоххо тутатына киллэрэн иһэргэ кыһаллыахтааҕын психологтар ыйаллар. Ол курдук хаһан эрэ синньээтэхпинэ мааны былааччы­йабын кэтэн биэчэргэ барыам эбэтэр сүүрэн дьарыктанан баран хайаны дабайыам о.д.а. баҕа санаалары хааччахтыыр санаа үгүс киһи өйүгэр баар эбит. Киһи күннээҕи үөрүүттэн дьоллонуохтаах, тоҕоос­тоох күнү кэтэһэн күнүн-дьылын уонна олоҕун аһардан кэбиһэр кутталлааҕын бэлиэтииллэр.

Буолуохтаах олоххо бэлэмнэнии

Киһи олоҕун айымньы “харатын” суруйар курдук олоруо суохтаах эбит. Хаһан эрэ кэлиэхтээх сырдык, инники олоҕу күүтэн киһи бүгүҥҥү олоҕун куоттарарын дьэҥкэтик өйдүөхтээх. Хаһан эрэ син биир мантан көһүөм диэн санаат­тан олорор дьиэтин киһилии оҥостубат, сөбүлүүр дьарыгынан дьарыктаммат, ол түмүгэр билиҥҥи олоҕунан олорбот. Оттон киһиэ­хэ сааһырыы боруо­га олус чугас. Кини кими да күүппэт, онон олоҕу кэлиҥҥигэ хаһаанар киһи бэ­­йэтин дьолун сарбынар.

Маныаха А.П.Чехов “Кры­жовник” айымньыта өйбөр тиийэн кэлэр. Сааһын тухары олбуордаах улахан дьиэлэниэн, ол тулатыгар үрүйэчээн ус­­туон, ыарҕаны үүннэриэн баҕа санаа ымыыта оҥосто сылдьыбыт Николай Иванович-Чимша-Гималайскай туһунан айымньы киһи дууһатын кылын таарыйар.  Хомолтолооҕо диэн, бу эдэр киһи сааһыгар киһилии таҥныбакка, тапталы билбэккэ, олох үөрүүтүн көрсүбэккэ, наар харчы мунньунар эрэйигэр олорбут. Киһи дууһатын тубарсыйыыта, дьадайыыта айымньыга сиһилии көстөр. Оттон билиҥҥи үйэҕэ бу айымньы дьоруойун курдук дьон баар буолуохтарын сөп. Бүгүҥҥү күн үөрүүтэ кэтэ­һиинэн туолуо суохтаах.

Оҕолор улааттахтарына…

Оҕолор улаатан атахтарыгар турдахтарына, бэйэбит олохпутунан олоруохпут дии саныыллар үгүс саха дьоно. Кинилэр эдэр саастарын, бу буола турар олохторун аахайбаттар. Оҕо 20 сааһын туолуута төрөппүт кыһалҕата өссө элбиир. Били сынньаныах, сири-дойдуну көрүөх буолбут баҕалара уталытыллан иһэр. Оҕо ыал буолар, сиэн көрүүтүн кыһалҕата кэлэр. Биирдэ өйдөөбүттэрэ,  номнуо 50 саастарын туолан, били саамай сүүрүөхтээх, барыахтаах-кэлиэхтээх орто саастара ааһан хаалбыт буолуон сөп. Барахсаттар, сааһыран  баран сатыы хаама, сорохтор успуорка төннө  сатыыллар. Ол эрээри киһи доруобуйата сааһыран истэх ахсын айгырыырын өйдүөхтээх. Ол иһин киһи тугу эрэ гыныан, оҥоруон баҕарар буоллаҕына, хаһан эрэ тоҕоостоох түгэн тосхо­йорун күүтүө суохтаах. Оҕолор улааттахтарына диэн санаанан эрэ салайтарбакка, сөбүлүүр дьарыкка билигин ылсар  наадатын ыйаллар психологтар. Оттон аҕам саастаах дьон орто саастаах көлүөнэҕэ, олоҕу олоро сатааҥ диэн сүбэлииллэрэ эмиэ оруннаах.

Биир олохтон түгэн

Биир билэр дьахтарым сааһын тухары, саҥа дьиэҕэ көстөхпүнэ барытын саҥаттан оҥостуом диэн эргэ дьиэтигэр улаханнык оҥостубакка олорбута. Дьиэтин иһигэр тугу да тупсара, оҥоро сатаабакка,  көһүөхтээх дьиэтин санаа ымыыта оҥостубута. Хойут, 40 сааһын лаппа ааһан баран саҥа дьиэ ылан көспүтэ эрээри, били олоххо, сырдыкка баҕарар көҕө номнуо ааһан хаалбытын сонньуйа көрбүтүм. Оттон сорохтор саҥа дьылтан ыла саҥа олоҕу саҕалыам, синньииргэ дьулуһуом, аспын туттунуом, успуордунан дьарыктаныам дии саныыллар уонна сарсыҥҥыга уталытан иһэллэр. Бу эмиэ “синдром отложенной жизни” буоларын умнумаҥ.

Тугу гыныахтаахпытый

Киһи тугу сөбүлүүрүн, ылынарын, ылымматын  бэ­­йэтэ эрэ билэр. Киһи бэ­­йэтин ис туругун албыннаныа суохтаах. Ис сүрэҕиттэн тугу сөбүлүүрүттэн  аккаас­таныа суохтаах. Сааһыран баран хайы­һардыахха, баҕарар буол­лахха хаҥкылыахха да сөп. Сааһырдым, эдэр сааһым ааспыт диэн санаар­ҕыыр эмиэ сыыһа. Урукку өттүгэр сыыһан, хаһан эрэ буо­­луохтааҕы күүтэн олорбут буол­лаххына, саҕалыыр­га хаһан да хойут буол­батаҕын умнума. Психологтар этэллэринэн, киһи кэмигэр өйдөөбүтэ улахан суол­талаах эбит.

Учуонайдар бу синдрому ньиэрбэни кытта ситимнииллэр. Чинчийэн, ырытан көрөн баран эмиэ оҕо сааһы кытта ситимнээҕин быһаарбыттар. Оҕо кыра сааһыгар бэлэх-туһах ылаары бырааһынньыгы күүтэр. Киниэхэ кыра сааһыттан бырааһынньыкка кэ­­тиэҥ диэн мааны таҥаһы ууран туруораллар. Бырааһынньыкка сиэхпит диэн ас хаһааналлар. Оҕо улаатыыта бэйэтэ да билбэтинэн, өйүгэр-санаатыгар олохсуйбутунан тоҕоос­тоох күнү,  түгэни кэтэһэр буолар. Оттон тоҕоостоох түгэн тосхойботоҕуна, кини олохтон кэлэ­йиэн, хомойуон сөп. Хомойбут киһи туохха да кыһаммат. Барытыгар ээл-дээл сыһыаннаһыан сөбүн психологтар бэлиэтииллэр. Онон сүрэххитин, ис туруккутун хомотумаҥ. Тоҕоостоох түгэни сибилигин оҥоруҥ!

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: