Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр сыаллаах кэлим 122 нүөмэр үлэлиир.
Сулууспанан элбэх мэдиссиинэ өҥөтө оҥоһулларын ситиһиэххэ сөп. Ол курдук, бырааһы дьиэҕэ ыҥырыы, терапевтарга, педиатрдарга көрдөрөргө, диспансеризацияҕа сурутуу, о.д.а. элбэх. Бүгүҥҥү туругунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көмөтүнэн манна элбэх улуус балыыһата холбонон турар.
Билигин ыйыллыбыт нүөмэринэн киин куорат поликлиникаларыгар эрэ төлөпүөннээбэккин, аны, 14 оройуон киин балыыһаларыгар кытары тиийиэххэ сөп. Ол курдук, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, Ленскэйгэ, Мэҥэ Хаҥаласка, Мииринэйгэ, Намҥа, Нерюнгригэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Хаҥаласка, Сунтаарга, Тааттаҕа, Уус Маайаҕа.
«Нэһилиэнньэни кытары сибээстэһэр туһуттан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ хантаак-кииннэр кыахтарын кэҥэтэр уонна хаалбыт улуустар тэрилтэлэрин онно холботторор соруктаах. Чугастааҕы кэмҥэ Бүлүү, Томпо, Чурапчы улуустара холбонуохтара. Маны таһынан чугастааҕы былааннарга хардары сибээһи уонна искусственнай интеллект бырагырааматынан пациеннарга иһитннэриини тиэрдии былааннанар», — диэн МИАЦ дириэктэрэ Петр Никифоров иһитиннэрэр.
СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…