Кэлим 122 нүөмэргэ улуус 14 балыыһата холбонно

Кэлим 122 нүөмэргэ улуус 14 балыыһата холбонно

Ааптар:
24.03.2024, 10:45
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр доруобуйа харыстабылыгар дьоҥҥо-сэргэҕэ көмөлөһөр сыаллаах кэлим 122 нүөмэр үлэлиир.

Сулууспанан элбэх мэдиссиинэ өҥөтө оҥоһулларын ситиһиэххэ сөп. Ол курдук, бырааһы дьиэҕэ ыҥырыы, терапевтарга, педиатрдарга көрдөрөргө, диспансеризацияҕа сурутуу, о.д.а. элбэх. Бүгүҥҥү туругунан СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин көмөтүнэн манна элбэх улуус балыыһата холбонон турар.

Билигин ыйыллыбыт нүөмэринэн киин куорат поликлиникаларыгар эрэ төлөпүөннээбэккин, аны, 14 оройуон киин балыыһаларыгар кытары тиийиэххэ сөп. Ол курдук, Аммаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ, Горнайга, ⁠Ленскэйгэ, ⁠Мэҥэ Хаҥаласка, ⁠Мииринэйгэ, ⁠Намҥа, ⁠Нерюнгригэ, ⁠Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, ⁠Хаҥаласка, ⁠Сунтаарга, ⁠Тааттаҕа, Уус Маайаҕа.

«Нэһилиэнньэни кытары сибээстэһэр туһуттан СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ хантаак-кииннэр кыахтарын кэҥэтэр уонна хаалбыт улуустар тэрилтэлэрин онно холботторор соруктаах. Чугастааҕы кэмҥэ Бүлүү, Томпо, Чурапчы улуустара холбонуохтара. Маны таһынан  чугастааҕы былааннарга хардары сибээһи уонна искусственнай интеллект бырагырааматынан пациеннарга иһитннэриини тиэрдии былааннанар», — диэн МИАЦ дириэктэрэ Петр Никифоров иһитиннэрэр.

СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин пресс-сулууспата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -44°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: