Кэллиэгэтиттэн 200 тыһыынчаны солкуобайы уорбут

Share

ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн,  Мииринэйгэ баахтанан үлэлиир эр киһи үҥсүү түһэрбит. Кини баан каартатыттан 200 тыһ. солк. сүппүт.

Суһал көрдөөһүн үлэ түмүгүнэн, холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ 39 саастаах Красноярскай кыраайтан төрүттээх уорбаланааччыны туппуттар. Онно биллибитинэн, эр дьон эрдэ бииргэ Мииринэйгэ үлэлии сылдьыбыттар. Уорбаланааччы кэллиэгэтин төлөпүөнүн кэпсэтээри уларсыбыт уонна мобильнай баан сыһыарыыга киирэн счеттан харчыны уорбут.

Уорбут харчытын дойдутугар Красноярскай кыраайга тиийэн баран тус наадаларыгар туттубут. Холуобунай ирдэбил үлэһиттэрэ кинини онно, дойдутугар туппуттар. Уорбаланааччыны төттөрү Мииринэйгэ аҕалбыттар.

Арассыыйа федерациятын холуобунай кодексатын 158 ыст.3 ч. «Уоруу» диэнинэн холуобунай дьыала тэриллибит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
5
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

11 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

12 часов ago