Өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыга Айсен Николаев бүгүн, атырдьах ыйын 1 күнүгэр, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба дьаһалтатын кытта пленарнай мунньаҕы ыытта.
Айсен Николаев иһитиннэрбитинэн, Уһук Илиҥҥи кэллиэстэргэ федеральнай бүддьүөттэн аныгылыы мастарыскыайдары оҥорууга үп көрүллэр. Кини бу бырагыраамаҕа Саха сирин үөрэҕин тэрилтэлэрин мастарыскыайдарын оҥорууга уонна бу бырагыраамаҕа кыттыыларын хааччыйыыга сыһыаннаах боппуруостары ырытан оҥорорго сорудахтаата. Кини соторутааҕыта Бырабыыталыстыба хамыыһыйатын Президиума 17,8 млрд. солк. кэриҥэ суумалаах анал казначейскай кирэдьииттэри биэрэр буолбутугар Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурук эрэгийиэннэрин сайабылыанньалара бигэргэтиллибитин санатта.
Балартан 3,3 млрд. солкуобай Саха сиригэр Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарыгар ананар. Айсен Николаев бэлиэтииринэн, миллиард аҥаара солкуобай Нерюнгри балыыһатын сөргүтэргэ ыытыллыаҕа. Ону сэргэ Дьокуускайга 17-c кыбаарталга Спортивнай түөлбэ социальнай инфраструктуратын — уһуйаан уонна успуорт саалатын тутарга ыытыллыаҕа.
Былаан быһыытынан Дьокуускай куоракка уопсастыбаннай сирдэри чөлүгэр түһэриэхтэрэ. Ол курдук, Сайсары күөл биэрэгин тулатын, Р.М.Дмитриев аатынан куорат даамбатын тулатынааҕы биэрэги оҥоруохтара.
Ил Дархан үлэ ыытыллар болдьоҕо ыгымын иһитиннэрдэ. Үлэни толорууга сыһыарыылаах министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр тутуу уонна сөргүтүү үлэтигэр бары кыттыыны ылалларын иһитиннэрдэ.
Ил Дархан Дьокуускайга ХИФУ баазатыгар ыытылла турар «Сообщество» диэн эрэгийиэннээҕи пуорумҥа болҕомтону уурары эттэ. Кини пуорумҥа эспиэрдэр үлэлэригэр кыттыыны ыларын иһитиннэрдэ.
Ону сэргэ пленарнай мунньах кэмигэр хоту таһаҕаһы тиэйии, сүөһү эбии аһылыгын блэмнээһин, кыстыкка киирии, ойуур баһаардарын тула кэпсэттилэр.
«Золотой фонд театральных постановок России» куонкуруска кыттарга бастыҥ испэктээктэри талыы бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Барыта 300…
ИДьМ 2 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар дьахтар биллибэт эр киһи массыынатын иһигэр автомагнитоланы алдьаппытын туһунан…
Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сыл бэс ыйын 18 күнүгэр Саха сиригэр сырыыта бэлиэ түгэнинэн…
Бүгүн, тохсунньу 18 күнүгэр, Арассыыйаҕа оҕо тэлэбиидэнньэтэ тэриллибит күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн 1963 сыллаахха ССРС…
Бу күннэртэн Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгэр сылын аайы ыытыллар тохсунньутааҕы муҥха саҕаланна. Бастаан Билиилээх диэн…
Атыыга-эргиэҥҥэ чуолаан маҕаһыыннар ааттарыгар омуктуу тылынан суруйуу олус элбээбитин бары да көрө-истэ билэ сылдьабыт. Бу…