Кэнтиктэр үбүлүөйдээх ыһыах ыстылар
Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас уонна Кэнтик нэһилиэгэ тэриллибитэ 125 сылыгар анаммыт үбүлүөйдээх ыһыах буолан ааста.
Бэс ыйын 14-15 күннэригэр кэнтиктэргэ ыһыах ыһар, айыылартан арчыланар, алгыс ылар, күөх сайыны уруйдаһар, куту-сүрү бөҕөргөтөр дьоро күннэрэ Ойбон күөл сиригэр ыытылынна. Айылҕа холумтаныгар арчыланыы сиэрин-туомун тутуһан, үрүҥ халадаайдаах далбар хотуттар алгыс түһэр сирин түптэ буруотунан ыраастаатылар, салама ыйаатылар. Ыһыах аһыллыытын сиэрин-туомун туруорааччыларынан режиссер Антон Ботаков, сценарист Айталина Мойтохонова, научнай сүбэһит Василий Алексеев-Бааһынай Баһылай буоллулар.
Үбүлүөйдээх ыһыахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин солбуйааччы Марина Силина ыалдьыттаан, үрдүк наҕараадалары туттарда уонна эҕэрдэ ырыатын бэлэхтээтэ. Ону кытта ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильина Кэнтик бибилэтиэкэтигэр кинигэ бэлэх туттарда, көмүс куолаһынан ырыатын бар дьонугар бэлэх уунна. Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Кэнтик нэһилиэгин «Албан Аат» бочуоттаах хаһаайката, Арассыыйа орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, педагогическай үлэ бэтэрээнэ Тамара Николаева биир дойдулаахтарын ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ.
Ыһыахха икки хонук устата оһуохайга, фольклорга, хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар уонна тимиртэн оҥоһукка күрэхтэстилэр.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаммыт «Эдэр ыал күрэҕэ» ыытылынна. Кыайыылаах 6 кыыс оҕолоох Петровтар дьиэ кэргэттэригэр 125 тыһ. солк. уу харчынан бириис ананна. Оттон оһуохай күрэҕин кылаан чыпчаалыгар 125 тыһ. солк., «Эр хоһуун-2024» национальнай многоборьеҕа күрэх муҥутуур кыайыылааҕа 125 тыһ. солк., мас тардыһыы кылаан бөҕөһө 125 тыһ. солк., хапсаҕай успуорт көрүҥэр кыайыылааҕа 125 тыһ. солк. уу харчынан бириистэрин ыланнар, үөрүү муҥутуур чыпчаалын биллилэр. Итини сэргэ анал ааты ылбыт кыттааччыларга араас сыаналаах бириистэри туттардылар.
Иистэнньэҥнэр, оһуордьуттар, мас, тимир уустара, ырыа чаҕааннар, тойуксут-оһуохайдьыт бастыҥнара, күүстээхтэр-быһыйдар, сымсалар-мадьынылар, асчыт-күөсчүт чулуулара, сүөһүлээх-бултаах бастыҥнара, сүүрүк ааттаахтар, күрэстэһэр бөҕөстөр, биир тылынан эдэрдиин-эмэнниин бары таҥнан-симэнэн, айылҕаны кытта бииргэлэһэр, уруйдаһар-айхаллаһар, күөх кэнниттэн кэлэр кыһыҥҥа байдам-сайдам олох буоларын туһугар алҕатар, арчылатар, үрдүк күҥҥэ, мэҥэ халлааҥҥа, үрүҥ ыйга, үрүҥ чолбоҥҥо сүгүрүйэр улуу кэмнэрэ ыһыах күн ыһылынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: