Видео. Кенжебек сахалыы ыллаата
Самаан сайын буолбутунан, “Туймаада” стадиоҥҥа “Үтүө” бэстибээл буолан ааста. Манна ыҥырыылаах ыалдьыт – Арассыыйаҕа үгүс дьон сүрэҕин сүүйбүт, ураты кэрэ куоластаах казах ырыаһыта Кенжебек Нурдолдай ыллаата. Кини Александр Самсонов-Айыы Уолун “Сардаана сибэкки” ырыатын ыллаабытын көрөөччүлэр уруйдуу көрүстүлэр.
Маны тэҥэ, бэстибээл чэрчитинэн, Кенжебек саха ырыаһыттарын кытта бииргэ ыллаата, чуолаан Катя ЧКРШ кытта дуэттаата.
Быйыл олунньу ыйга Кенжебек Дьокуускайга кэлэн, кэнсиэртээн барбыта. Кэнсиэр олус ситиһиилээхтик барбыта, этэргэ дылы, “Триумф” уораҕайыгар толору аншлаг этэ. “Шоколад” диэн ырыата хит этэ.
Кенжебек Нурдолдай Казахстаҥҥа Акмолинскай уобаласка кыра сэлиэнньэҕэ төрөөбүтэ. Дьиҥэ, төрүүрүгэр көрөр эбит, 1 ыйыгар кирииптээн ыалдьыбыт, ол содулуттан көрбөт буолан хаалбыт, билигин бэрт кыратык сырдыгы кылатар. Ол эрээри, төрүөҕүттэн муусуканан олорор, айылҕаттан айдарыылаах, киһи дууһатын таарыйар ураты куоластаах.
Улахан сыанаҕа аан бастаан 13 саастааҕар тахсыбыт. Онно «Жұлдызай» диэн доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор бэстибээллэригэр кыттыбыт. Карагандаҕа анал интэринээт-оскуоланы уонна Таттимбет аатынан ускуустуба колледжын бүтэрбит.
Кини көрбөппүн диэн быар куустан олорунан кэбиспэт. Бэлисипиэтиир да, хаҥкылыыр да. Кыра эрдэҕиттэн атыттартан хаалсыбат, толору олоҕунан олорор туһуттан, хаста да илиитин-атаҕын тоһуппута. Кенжебек билигин 21 саастаах.
Видео: социальнай ситимнэртэн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: