Кэрэ эйгэтигэр сүҥкэн хардыы оҥоһулунна

Share

Муус устар 3-5 күннэригэр Чурапчыга ыытыллыбыт СӨ Култууратын, ускуустубатын, литературатын күннэригэр уопсайа 5515  киһи сырытта, онтон оҕото – 1317.

Быйыл Чурапчылар хас даҕаны кэрэ-бэлиэ үбүлүөйдээх дааталаахпыт. Ол курдук, Тоҕус томтордоох Чурапчы нэһилиэгин 375 сыла, саха норуодунай суруйааччыта В.С.Яковлев-Далан 95 сыла, биллиилээх худуоһунньук-живописец Афанасий Собакин 95 сыла, Улуу тириэньэр Дмитрий Коркин 95 сыла, САССР норуодунай артыыһа Виктор Саввин төрөөбүтэ 115 сыла, бэйиэт Степан Саввин-Күн Дьирибинэ 120 сыла, итиэннэ   Чурапчы улууһунааҕы А.А. Саввин аатынан история уонна этнография  мусуойун 75 сыла бэлиэтэнэллэр. Маныаха, СӨКултууратын, духуобунай сайдыытын министиэристибэтэ уонна Чурапчы улууһа, Култууратын управлениета, бу үбүлүөйдээх дааталары дьоһуннаахтык бэлиэтииргэ, улуус, өрөспүүбүлүкэ киэн туттар чулуу дьонун ааттарын үйэтитиигэ бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэһии түһэристилэр.

Александра Бочкарева-Иннокентьева-СУУРАЛДЬЫМА КУО, худуоһунньук, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ:

— Мин Чурапчы улууһугар буолан ааспыт Култуура, ускуустуба, литература күннэригэр толору сылдьан, үлэлээн кэллим. Чурапчыттан төрүттээх худуоһунньуктар Афанасий Петрович Мунхалов галереятыгар быыстапкалаатыбыт. Киэҥ хабааннаах, бииртэн биир кэрэсонун тэрээһиннэр субуһан  баран истилэр. Дьон сылдьыыта элбэҕэ, көхтөөҕө үөртэ. Чурапчы улууһун дьаһалтата, култууратын салалтата, дьоносэргэтэ биир күүс буолан, бу сүдү улахан тэрээһини олус кэрэхсэбиллээхтик тэрийэн ыыттылар. Кэлбит ыалдьыттар, биһиги бука бары астынан, бу,  киэҥ аартыктары саҕар тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылбыппытыттан Чурапчы улууһун баһылыгар Степан Анатольевич Саргыдаевка, култуура управлениетын салайааччытыгар Петр Егорович Гуляевка махтанабыт! Инники үлэлэригэр саҥаттан-саҥа ситиһиилэри баҕарабыт. Култуура, ускуустуба, литература эйгэтэ дириҥээн, кэҥээн, эдэр көлүөнэни үүннэриэхтэрэ диэн эрэнэбит!
Араас кэрэхсэбиллээх көрсүһүүлэр, маастар-кылаастар, итэҕэл, кут-сүр туһунан кэпсэтиилэр олус истиҥник бардылар. Ускуустуба,  литература, олоҥхо  эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэбит кэрэ эйгэтэ биир сүҥкэн хардыыны оҥордо!

Гаврил АНДРОСОВ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Чолбонсурунаал сүрүн эрэдээктэрэ:

— Култуура, литература, ускуустуба күннэрин ыытыы – бу дьону-сэргэни духуобунай эйгэҕэ чугаһатыы буолар. Уонна ордук бу билигин маассабай култуура сабардаан турар кэмигэр духуобунай култуура, классическай ускуустуба өйдөбүллэрин санатыы, сөргүтүү, саҥаттан тыыннаан тиэрдии – дьоммутун-сэргэбитин, кинилэр өйдөрүн-санааларын байытар уонна төрүт өйдөбүллэргэ эргилиннэрэр диэххэ сөп. Билигин, ол өйдөбүллэртэн тэйэн хаалбыт бүтүн көлүөнэ үөскээтэ. Ол иһин, ыччат дьоҥҥо эмиэ  маннык тэрээһиннэр ыытыллыылара улахан оскуоланан буолар. Онон,  Чурапчы улууһун бу бырайыага Сахабыт сирин атын улуустарыгар эмиэ ыытыллаллара буоллар, улахан көдьүүстээх буолуох этэ. Улахан түһүлгэ – үгүс-элбэх киһи сырытта. Бу мантан сүөгэйин-сүмэтин ыган ыллахха, хайаан даҕаны туох эрэ олус суолталаах, көдьүүстээх тахсыаҕа дии саныыбын!

                                                             Татьяна МАРКОВА.

Семён Жендринскэй уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

8 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

29 саастаах кыыс маркетплейс табаардарын уорбут

Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй

СҮБЭҺИТ: Тохсунньу, олунньу ыйдарга тугу олордобут?

Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…

9 часов ago
  • Бэрээдэк

68 саастаах дьахтар балыыһаҕа сылдьан таҥас уоран тахсыбыт

Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…

10 часов ago