«Көрөөччүлэрим сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтүттэн олус үөрдүм»
Соторутааҕыта Ньурба сиригэр «Сата» үбүлүөйдээх бэстибээлэ буолан ааста. Ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэн, саҥа тыйаатырга олус таһаарыылаахтык үлэлээн, саҥа ааттар тыйаатыр үрдүк сыанатыттан ааттаннылар.
Быйылгы бэстибээл уратыта диэн, тыа сирин кытары хабан дьоҥҥо-сэргэҕэ таҕыста. Ол курдук, Дьиикимдэҕэ «Абакайаада аартыгынан» бастакы бэстибээл тэрээһинэ буолла.
Бэстибээл кэнниттэн СӨ үтүөлээх артыыһа Маргарита Михайловна Борисова куоракка тиийэн үлэ үөһүгэр сылдьар кэмигэр куйаар ситимин нөҥүө кэпсэтиибитин ааҕааччыларга тиэрдэбин.
—Маргарита Михайловна, бэстибээл кэнниттэн санааҕытын үллэстиҥ эрэ.
— Дойдубуттан Дьиикимдэттэн үөрэн-көтөн, сүргэм көтөҕүллэн үлэлииргэ эрчим ылан дьоллонон олоробун.
Бэстибээл кэмигэр дьонум-сэргэм, биир дойдулаахтарым, доҕотторум, билбэт да дьонум үөрэллэрэ-көтөллөрө өссө ордук долгутуулаах эбит.
«Абакайаада аартыгынан» бэстибээли Ньурбатааҕы Култуура департамена, тыйаатыр иилээн-саҕалаан, “Сата” бэстибээл чэрчитинэн барбыта өссө улахан суолтаны биэрдэ.
Дьиикимдэ баһылыга Прокопий Николаевич Осипов, Ньурба тыйаатырын режиссера Юрий Алексеевич Макаров инникитин «Сата» бэстибээл чэрчитинэн Дьиикимдэҕэ биир тэҥник барарыгар сүбэлэһиилэрэ миигин олус үөрдэр.
Мин «Сата» бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытын эрэ көрбүтүм. Кыттааччылар, көрөөччүлэр сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтүн көрөн, киһи олус үөрэр.
Хомойуох иһин, бэстибээл сороҕун көрбөтөрбүн да, бэстибээл кэмигэр миэстэтигэр маассабай иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэринэн сырдатан-иһитиннэрэн иһиилэрэ хайдах эрэ бэстибээлгэ сылдьыбыт курдук сананан ылаҕын.
“Сатаҕа” да, Дьиикимдэҕэ да ыытыллыбыт куонкурустар үрдүк таһымнаахтык бардылар. Кыайыылаахтарга эҕэрдэ, маннык куонкурустар артыыстар үүнэллэригэр, сайдалларыгар тирэх, онтон саҥа саҕалааччыларга тутум үрдээһин буолар.
Көрөөччүлэргэ сэргэхсийии, саҥаны билии, артыыстары атын өттүнэн аһыы буолар.
Дьиикимдэҕэ «Утум» Норуот айымньытын киинигэр мин ааппын биэрбиттэригэр ис сүрэхпиттэн махтаныам этэ: олохтоох баһылык Прокопий Николаевич Осиповка, Дьиикимдэм дьонугар-сэргэтигэр, маны таһынан Алевтина Алексеевна Николаева салайааччылаах «Ньурбакаан» өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай холбоһукка. Холбоһук Дьокуускайтан Ньурба улууһун кытары ыкса сибээстээхтик үлэлиир, улуус сайдыытын туһугар мэлдьи кыттан кэллэ. Алевтина Алексеевна Дьиикимдэтээҕи Норуот айымньытын киинигэр аат иҥэриллэригэр долгуйа кэтэспитэ, аат иҥэрбиттэригэр үөрүүтэ үрдээтэ.
-Маргарита Михайловна, артыыс буолар баҕа санаалаах этиҥ дуо?
— Мин төрөөбүт кырачаан дэриэбинэбэр кулуупка тыйаатыр артыыстара гостуруоллуу кэлбэт этилэр. Киинэ көстөр этэ, ордук Индия киинэлэрин көрдөрөллөрө. Ол киинэлэргэ киинэҕэ кимнээх оонньууллара буолуой диэн дьиктиргээн көрөр этибит. Онно артыыс идэтэ баарын билэммин, артыыс буолар санаам киинэттэн саҕаламмыта.
Кыра сылдьан сыанаттан түспэт этим, сүрүн ыытааччы буоларым, хоһоон ааҕарым, сыаҥкаларга оонньуурум. Онон, кып-кыра оҕо сааспыттан артыыс буоларга баҕа санаам туолбутуттан үөрэбин эрэ. Аан бастаан үлэм киинэҕэ уһуллууттан саҕаламмыта.
Артыыс үлэтэ таһыттан көрдөххө, чэпчэки курдук көстөр, оонньуу-көрүлүү сылдьар дьон курдук саныыллар. Ол эрээри, артыыс идэтэ наһаа ыарахан. Санаан да көрдөххө, хас сырыы аайы тус-туһунан киһи оруолун көрөөччүгэ итэҕэтиилээхтик тириэрдии уустук…
-Артыыс буолуон баҕалаахтарга тугу сүбэлиэҥ этэй?
-Артыыс буолуон баҕарар киһи элбэҕи ааҕыан, тыйаатырга сылдьыан наада. Төһөнөн билиилээх-көрүүлээх буолар да, оччонон бэйэтигэр үчүгэй буолар. Ис-иһиттэн дьиҥнээхтик толкуйдаан эрэ баран, артыыс буолуон наада. Тоҕо диэтэххэ, артыыс үлэтэ ыарахан…
-Дьиэ кэргэҥҥит туһунан ааҕааччыларга билиһиннэриэҥ дуо?
-Кэргэним Петр Иванович Борисов билигин сынньалаҥҥа тахсан олорор. Марика диэн биир кыыс оҕолоохпут, дьиэ кэргэниниин Таилаҥҥа олохсуйан олороллор. Иккиэн экэнэмиис идэлээхтэр, күтүөппүт Сергей Неустроев экэниэмикэ наукатын дуоктара. Икки кырачаан сиэммит Британскай оскуолаҕа үөрэнэр.
-Маргарита Михайловна, иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕын?
-Мин улахан иистэнньэҥ да буолбатарбын, баайарбын, быысабайдыырбын сөбүлүүбүн, аныгы мозаика хартыыналарын оҥоробун.
Астыырбын, ордук сервировкалыырбын сөбүлүүбүн. Дьиэ кэргэним, дьүөгэлэрим астыыр аспыттан амсайан баран астыналларыттан туохтааҕар да үөрэбин, дьоллонобун.
—Маргарита Михайловна, быыс булан кэпсэппиккитигэр махтал. Өссө да үрдүктэн үрдүк ситиһиилэр кэлэ турдуннар.
Антонина СЕМЕНОВА
Хаартыскалар: Маргарита Борисова тус архыыбыттан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: