Салгыы
“Кэскил” уһуйаан бэйэтэ хаһыат таһаарар буолла

“Кэскил” уһуйаан бэйэтэ хаһыат таһаарар буолла

19.10.2022, 21:04
Бөлөххө киир:

Алтынньы 17 күнүгэр Хаҥалас улууһун Уулаах Аан нэһилиэгин «Кэскил» уһуйаана оҕолорго уонна төрөппүттэргэ анаан ый аайы таһаарар иһитиннэрэр-үөрэтэр хаһыатын бастакы нүөмэрэ күн сирин көрдө. Хаһыаты таһаарар санаа төрөппүтү уһуйаан олоҕор өссө ыкса кытыннарар, оҕо сайдыытын туһунан уйулҕа-педагогика өттүгэр сүбэлэри биэрэр, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии үтүө холобурдарын сырдатар сыаллаах үөскээтэ.

Бу санааны олоххо киллэрээри «Төрөппүккэ аналлаах хаһыат уһуйаан уонна дьиэ кэргэн хардарыта дьайсыытын көрүҥэ» бырайыагы оҥорон үлэлэтэн эрэллэр эбит. Бырайыак сыала – уһуйаан күннээҕи үлэтин, оҕону иитии үтүө уопутун дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатыы, төрөппүт уһуйаан үлэтигэр көхтөөх кыттыыны ыларын ситиһии. Айар бөлөх уһуйаан үлэһиттэриттэн тэриллибит, бырайыак салайааччыта — уһуйаан сэбиэдиссэйэ Лариса Петровна Атласова.

Хаһыат балаһата баайынан сөхтөрдө:

—          «Биһиги сонуннарбыт». Манна уһуйааҥҥа ыытыллыбыт аралдьытыылар, дьарыктар, араас тэрээһиннэр хаартысканан сырдатыллан киирэллэр.

—          «Оҕолор саҥараллар». Матырыйаал ааптарынаан уһуйаан үлэһиттэрэ эрэ буолбакка, оҕолор, төрөппүттэр эмиэ буолуохтарын сөп. Тэттик кэпсээннэр, хоһооннор, көрүдьүөс саҥалар киирэллэр.

—          «Төрөппүккэ сүбэлэр». Оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ исписэлиистэр сүбэлэрэ киирэр. Интэриниэттэн ылыллыбыт ыстатыйалар ааптардара хайаан да ыйыллар.

—          «Айболит ыалдьыттыыр». Бу балаһаны гигиенист, эти-сиини эрчийэр иитээччи, атын исписэлиистэр үлэлэтэллэр. Оҕо доруобуйатын бөҕөргөтүү, чөл олох туһунан кэпсэнэр. Сэрэхтээх буолуу туһунан матырыйааллар киирэллэр.

—          «Болҕойуҥ! Күрэс!». Хаартысканан күрэс, араас оҥоһук, айар сорудахтар, күрэс түмүктэрэ сырдатыллаллар.

—          «Көрдөөх сорудахтар». Бу балаһаҕа оҕо араас сорудаҕы толорор: кырааскалыыр, таайар, лабирины ааһар о.д.а.

—          «Истиҥ эҕэрдэ». Манна үлэһиттэри, төрөппүттэри, оҕолору эҕэрдэлииллэр. Төрөппүттэргэ махтал тыллары аныылар.

“Уһуйаан үлэһиттэрэ оҕону иитиигэ дьиэ кэргэн сүрүн оруолу ыларын, хас биирдии дьиэ кэргэн ураты суоллааҕын-иистээҕин, хатыламматын, күндүтүн өйдүүбүт. Ол гынан баран, «Дьиэ кэргэн – Оҕо – Уһуйаан» систиэмэ биир санаалаах, биир сыаллаах-соруктаах, биир сүбэнэн үлэлээтэҕинэ эрэ бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах, доруобай, дьоллоох оҕону иитэн таһаарарга күүспүт, кыахпыт, санаабыт өссө түмүллүө дии саныыбыт.

Төрөппүттэр хаһыат тахсарыгар көхтөөх кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит уонна үлэбит айымньылаах буоларыгар баҕарабыт. «Кэскил» кэпсиир» хаһыат оҕолорбут дьиэ кэргэттэрэ сөбүлээн ааҕар, кэтэһэр хаһыаттара буолуо диэн бигэтик эрэнэбит”, — диэн уһуйаан сэбиэдиссэйэ Лариса Атласова санаатын үллэстэр.

Хаһыат А3 кээмэйдээх, 8 сирэйдээх, ахсаана 25 устуука эбит. Урукку өттүгэр уһуйаан хаһыаттаммытын истэ илигим. Аныгы түргэн тэтимнээх олоххо төрөппүт быыс-арыт булан оҕолоро кыраларыгар минньигэс саҥаларын суруйан үйэтитэрэ, сурукка тиһэрэ ахсааннаах. Онон кырачаан хаһыакка тиһиллибит бэлиэ түгэннэриттэн бэлэми ылан уурунарыгар саамай табыгастаах бырайыагы толкуйдаабыттар. Аны сүбэ-ама уопсай ааҕааччыга туһаайыллыбакка, чопчу биир кэлэктиип кыһалҕатыттан аттарыллан чопчу туһаайыллара тиийимтиэ, көдьүүстээх буолара саарбахтаммат.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -41°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: