Кэлиҥҥи кэмҥэ эмиэ да блогера биллибэт, эмиэ да учуутал буолбатахха дылы, Масаха Мэхээс диэн эдэр киһи социальнай ситимнэргэ бэрт чопчутук олох бары сытыы өрүттэрин ыраас мууска ууран быһааран биэрэрин үгүспүт сөбүлүү истибитэ чахчы.
Бастатан туран, кини аатыгар болҕомтону уурбут киһи үгүс. Мин эмиэ, атыттар курдук, “Мас саха” диэнтэн аат ылыммыт дуу дии санаабытым. Соторутааҕыта Масаха Мэхээс үгүс ыччаты толкуйдатар санааны сайа этэн, социальнай ситимҥэ тарҕатта: “Махсыым Омуоһап уолаттары кытта сыалай өрөспүүбүлүкэни тэрийэригэр 25 саастаах этэ. Исидор Барахов маҥнайгы салайааччы буоларыгар 24-дэ, Сэмэн Ноҕоруодап алпаабыт оҥороругар эмиэ 24 саастааҕа. Онтон мин ити сааспар хайыы сылдьыбыппыный?” диэн бэйэбиттэн ыйытабын. Эһиги да эмиэ итинник ыйытар буолуохтааххыт. “Ол саҕанааҕы таһымынан өрөспүүбүлүкэ тэрийиэм этэ дуо? Эс, ол кэмҥэ бириэмэтэ атын буоллаҕа дии, Мэхээс…”
Бүгүн хаһыат “Итии чэй” рубрикатыгар ыалдьыттыыр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин олохтооҕо, Р.Г. Ва-
сильев аатынан кыраайы үөрэтэр түмэл дириэктэрэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Масаха Мэхээс.
Хос аат буолбатах
– Дьэ, Михаил Иванович, тоҕо Масаха Мэхээс диэн хос ааты ылынныҥ? Толору аатыҥ ким диэний?
– Масаха Мэхээс – хос аат буолбатах, дьиҥнээх аатым. Охлопков диэн араспаанньабын Масаха диэҥҥэ уларыппытым. Охлопковтар араас улуустарга бааллар. Ол эрээри сорохпут биир өбүгэттэн төрүттээх буолуохпутун сөп, ким билиэҕэй? Онон аныгы көлүөнэ дьоно бэйэтин өбүгэтин аатын ылынан бардаҕына, этэҥҥэ буоллаҕына, миигиттэн барар оҕолор, сиэннэр, хос сиэннэр кэнэҕэс аймахтыы буолалларыгар буккуллуохтара суоҕа. Ааппын уларыта иликпин – Михаил Ивановиһынан сылдьабын. Мэхээс диэн суруттарыахтаахпын да, докумуон уларытыыта харгыстардаах. Ол эрээри баҕа баар буоллаҕына, барыта этэҥҥэ табыллар. Билигин икки оҕом Масахалар. Кэргэним эмиэ араспаанньатын уларытаары, докумуонун эккирэтиһэ сылдьар.
Дууһа сыппат буоллаҕына
– Туох үөрэхтээххиний, Масаха Мэхээс?
– Тохсус кылаас кэннэ радиотиэхиньиичэскэй кэллиэскэ киирэн үөрэммитим. Ол эрээри бу мин хайысхам буолбатах этэ. Дьаныардаахтык үөрэнэн үөрэхпин өссө кыһыл дьупулуомунан бүтэрбитим. Ол кэннэ биир да күн радиотиэхиньик идэбинэн үлэлээбэтэҕим. Дууһам олох сыппат этэ. Онтон кэлин “үрдүк үөрэҕи хайаан да бүтэриэхтээхпин” диэн “бырагыраамаланан”, хас да үөрэххэ киирэн баран, “тахсыбыт” түгэннэрдээхпин. Төрүөтэ – эмиэ дууһам сыппат этэ. Онтон 30 сааспар дьэ сөптөөх идэбэр таба тайанан, Ураллааҕы федеральнай университет “социальнай бэлиитикэ” салаатыгар эксээмэн туттаран, бүддьүөт миэстэтигэр киирэн, 1-кы кууруспун этэҥҥэ түмүктээбитим. Аны кыһын 2-с кууруспар үөрэхпин салҕыам. Дьэ, онон бэйэбинэн билбит буолан, билигин оскуола оҕолоругар тиийэн, “бэйэҕитин истиҥ, тугу сөбүлүүргүтүнэн идэҕитин талыҥ” диэн үөрэтэбин. Быһаарына иликтэргэ орто анал үөрэхтэн саҕалыылларыгар сүбэлиибин. Идэ ылан баран, атын үөрэххэ туттарсалларыгар биллэ боччумураллар. Онон быһаарыыныылара да сөптөөх буолара чахчы.
Эспэнээт харайар тэрилтэ буолбатах
– Кыраайы үөрэтэр түмэл үлэтин ис хоһооно аныгы кэмҥэ хайдаҕый? Туох үлэни ыытаҕыт?
– Үгүс дьон түмэл үлэтин эспэнээт харайар тэрилтэ эрэ курдук өйдүүллэр. Сүрүн сорук – дьоҥҥо төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын кэпсээн тарҕатыы, дойдумсах буолууга иитии, дойдуга тапталы иҥэрии, өбүгэ быстыспат ситимин ситэрии. Дьэ, ону ситиһэр инниттэн уһуйаантан саҕалаан, аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ булбут эспэнээттэрбитин билиһиннэрэбит, дойдубут устуоруйатын кытта ситимниибит. Үлэ араас көрүҥҥэ дэлэй, ону барытын туһанабыт.
Устуоруйаҕа тирэҕирэн
– Ол да иһин Махсыым Омуоһап өрөспүүбүлүкэни тэрийэригэр 25 саастааҕын, Исидор Барахов салайааччы буоларыгар 24-ҕин, Сэмэн Ноҕоруодап алпаабытын оҥороругар эмиэ оччо саастааҕын ахтан, социальнай ситимнэргэ кэпсиир буоллаҕыҥ. Бу үлэҥ биир көрүҥэ дуо?
– Олоҕу көрүүбүн дьоҥҥо тиэрдэрбэр социальнай ситимнэри туһанабын. Санаабын кумааҕыга түһэрэн баран, киэҥ араҥаҕа таһаарабын. Дьиҥэр, ити мин эрэ толкуйум буолбатах. Элбэх киһи санаатын таба этиттэрэн, долгун устунан араас ситимҥэ тарҕатар. Алта нэһилиэктэн улуус дьокутаатабын. Сорох ардыгар үгүс боппуруос быһаарыыта олох кыраттан иҥнэн турар буолар. Дьону кытта кэмигэр сүбэлэстэххэ, үгүс кыһалҕаны быһаарыахха сөп. Онон “маннык санааны этиэххэ наада эбит” диэн толкуй бэйэтэ кэлэр. Ол тиэмэ “буспут” буоллаҕына, түргэнник матырыйаал буолан тахсар. Онтон “сиикэй” буоллаҕына, бэйэтин кэмин кэтэһэр. Ити Махсыым Омуоһап өрөспүүбүлүкэни тэрийиитин туһунан былырыын толкуйдаммыта эрээри, кыайан буһан-хатан тахсыбакка сылдьыбыта. Быйыл бэрт элбэх олоҕу хамсатар тэрээһиннэргэ сылдьыбыт буолан, ити матырыйаалым 5 мүнүүтэ иһигэр суруллан баран, киэҥ араҥаҕа таҕыста.
… Масаха Мэхээс курдук аныгылыы көрүүлээх, толкуйдаах ыччат кэскиллээх санаатынан бэйэтин холобурунан үөлээннээхтэрин “уһугуннаран” эттэҕинэ-тыыннаҕына, биллэн турар, сайдыы саҕаҕа түстэнэрэ чуолкай буоллаҕа. Кинилэр кэмнэрэ үүнэн турар буолан, аартыктарын күөх уот сырдата турдун диэн алҕаатахпыт буоллун!
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…