Көтөрү иитэр баабырыка саҥа сыахтанна

Share

Ол курдук, саҥа сыах 80 тыһыынчаттан тахса кууруссаҕа ананар. Көтөр баабырыкатыгар саҥалыы уларытан оҥоруу кэнниттэн, эбии  18 720 көтөрү тутар миэстэ баар буолбут.

Сыах дьиэтэ 1989 сыллаахха киирбит. Иэнэ 2 тыһ.кв.м тэҥнэһэр. Оччолорго сыахха көтөрү тутарга 61 920 килиэккэ миэстэтэ оҥоһуллубут. Көтөр баабырыкатыгар уларытыылары киллэрии былырыын муус устартан саҕаламмыт. Ол курдук истиэнэтин, муостатын, тэриллэри уларытыыга былааннаммыта. Тупсаран, саҥардан оҥоруу чэрчитинэн сыахха автоматизированнай хонтуруоллуур систиэмэлээх килиэккэ тэрилэ оҥоһуллубута.

Дьокуускайдааҕы көтөр баабырыкатын саҥа тупсарыллыбыт сыаҕынан СӨ Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Николай Афанасьев эҕэрдэлээтэ:

Бүтэһик сылларга Дьокуускайдааҕы көтөр баабырыкатын тупсарыы, саҥардыы түмүгэр, тыа хаһаайыстыбатын стратегическай соруктаахтык сайыннарар туһунан Ил Дархан Айсен Николаев туруорбут сыала-соруга толорулунна. Ааспыт сыл бүтүүтэ Дьокуускайдааҕы көтөр баабырыкатыгар сымыыты оҥорон таһаарыы 15% үрдээбитэ. Онон саҥа тэриллээх тупсарыллыбыт сыахха туруоруммут сыалы-соругу ситэргэ судургу буолуоҕа, — диэн эттэ.

СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспатыттан

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

11 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

12 часов ago