Украина иирсээнин киэҥник ырыҥалаан көрүөххэ

Украина иирсээнин киэҥник ырыҥалаан көрүөххэ

Ааптар:
21.10.2022, 13:15
Бөлөххө киир:

Украинаҕа буола турар быһыыны-майгыны сорохтор быйыл олунньуга эрэ саҕаламмыт курдук саныыллар. Оннук буолбатах. Иирсээммит төрдө-төбөтө отой дириҥ силистээх-мутуктаах. Ону барытын ырыҥалаан, ырытан билиэх тустаахпыт.

Бастакы хардыы

Тымныы сэрии кэмигэр утарыта туруу биир кыайтарыы­лаах өрүтүнэн биһиги дойдубутугар ФРГ уонна ГДР холбоһуута буолбута. Германия холбоһуутун сөбүлэһиитин кэнниттэн НАТО илин диэки сыҕарыйыа суоҕун туһунан мэктиэни Горбачев ыла сатаабыта. Оччотооҕу ФРГ канцлера Гельмут Коль уонна АХШ Госсэкирэтээрэ Джеймс Бейкер киниэхэ итини тылларынан эрэ эрэннэрбиттэрэ. Суругунан туох да бигэргэтиллибэтэҕэ. Инньэ гынан, кэлин Арҕааҥҥы дойдулар тымныы сэриигэ кыайыылаах быһыытынан ити “быраабынан” толору туһаммыттара.
Салгыы ГДР ханнык даҕаны референдума уонна ханнык даҕаны демократическай процедурата суох ФРГ-га холбоспута уонна тута НАТО-ҕа киирбитэ. Илиҥҥи Германияҕа олох­тоох, урукку көрүүлэрин таҥнарбатах дьон санаатын аахсыбатахтара. Ону ааһан, ГДР урукку структураларыгар уонна тэрилтэлэригэр ФРГ былааһа “ыраас­тааһын” бэ­­лиитикэтин ыыппыта.
Бу көстүү ССРС үрэллиитигэр бастакы хардыынан уонна АХШ баһылыктаах холбоһуктаах арҕаа дойдулар аан дойдуга айбардыылларыгар суолу аспыта.

Иккис хардыы

1997 сыллаахха ылыныллыбыт Арассыыйа – НАТО сыһыаннарын сүрүн докумуонугар Арассыыйа уонна НАТО бэйэ-бэ­­йэлэрин утарсааччы быһыытынан көрбөттөр диэн ыйыллыбыта. Ол үрдүнэн, үс сыл буолан баран, 1999 сыллаахха Хотугу Атлантика байыаннай альянсыгар Венгрия, Польша уонна Чехия курдук урут социализм суолун тутуспут блок дойдулара ылыллыбыттара. Инньэ гынан, Арассыыйа Федерациятын кыраныыссаларыгар байыаннай блок инфраструктурата чугаһаабыта. Салгыы 2004 сыллаахха Болгария, Румыния, Словакия, Словения уонна ССРС урукку өрөспүүбүлүкэлэрэ Латвия, Литва уонна Эстония ылыллыбыттара. НАТО Илин диэки сыыйа сыҕарыйан испитэ. Ол кэнниттэн 2009, 2017 уонна 2020 сыллардаахха блокка Албания, Хорватия, Черногория уонна Хотугу Македония ылыллыбыттара.

Үһүс хардыы

Салгыы Арассыыйаны кытта чугас сыһыаннаах Ближнэй Восток дойдуларыгар иирсээннэри күөртээбиттэрэ, онно чуолаан Египет уонна Сирия түбэс­питтэрэ. АХШ Саудовскай Аравия гааһын уонна ньиэбин Иордания, Сирия нөҥүө Турцияҕа, онтон салгыы Европаҕа тиэрдии былаа­нын оҥостубута. Бу Арассыыйа бүддьүөтүгэр ньиэптэн-гаастан киирэр ботуччу үбү-харчыны кыччатан, дойдубутун мөлтөтөр соруктааҕа.
Оччолорго сорохтор биһиги дойдубут Сирияҕа анал эпэрээс­сийэтин сүрүн ис хоһоонун ситэ өйдөөбөтөхтөрө. Сыыйа ити быһаарыныыны дьон-сэргэ өйөөбүтэ. АХШ оччотооҕу бы­­лаана олоххо киирбитэ буоллар, устуоруйабыт хайа диэки салаллыа эбитэ буолла?

Төрдүс хардыы

Арҕааҥҥылар Арассыыйа кыраныыссалаһар судаарысты­баларыгар орооһон, Тутулуга суох судаарыстыбалар түмсүү­лэрин (СНГ) уонна Уопсай куттал суох буолуутун тэрилтэтин (ОДКБ) үрэйэргэ соруммуттара. Киргизияҕа, Таджикис­таҥҥа, Арменияҕа уонна Азербай­джаҥҥа, Казахстаҥҥа былаа­һы түөрэҥнэтэ сатаабыттара. Арҕааҥҥы дойдулар 2008 сыл­лаахха Грузия уонна Соҕуруу Осетия иирсээннэрин күөртээбиттэрэ, аны 2014 сыллаахха Украинаҕа судаарыстыбаннай былааһы суулларыы (переворот) буолбута.
Украина Тутулуга суох судаа­рыстыбалар түмсүүлэрин чэрчитинэн Арассыыйа экэниэмикэтин биир тутаах партнера этэ. Былааһы суулларан баран Арҕааҥҥы дойдулар куомуннаах­тара – кинилэри өйүүр былаас экэниэмикэҕэ, бэлиитикэҕэ уонна култуураҕа Арассыыйалыын сибээс­тэри быһарга кытаанахтык туруммута. Украина арҕааҥ­ҥы, киин уонна илин эрэгийиэннэрин интэриэстэрин учуот­туур урукку бэлии­тикэ тохтообута. Биллэн турар, итини Арассыыйа диэки санаа­лаах Украина Илиҥҥи эрэгийиэннэрэ биһирээбэтэхтэрэ.
Арассыыйа кыраныыссатыгар АХШ-ны уонна Европаны кытта аһаҕастык киирсии түһүмэҕэ саҕаламмыта.

Минскэйдээҕи кылгас тохтобул

2014 сыллаахха Крым Арассыыйаҕа төннүбүтүн кэннэ биһиги дойдубут салалтата Украина саҥа салалтатын кытта кэпсэтиини ыытарга дьулуспута. Уустук кэпсэтии кэнниттэн Минскэйдээҕи сөбүлэһии баттаммыта. Киев Донбаас икки эрэги­йиэнигэр култуурунай уонна бэлиитичэскэй автономия биэриэх­тээҕэ. Ол эрээри, бары билэрбит курдук, сөбүлэһии биир да пуунун толорботохторо.

Тиһэх этиилэр

Ити хардарыта сыһыаннаһыылары учуоттаан уонна аныгы быһыыны-майгыны болҕомтоҕо ылан, Арассыыйа 2021 сыл ахсынньы 15 күнүгэр АХШ баһылыктаах НАТО-ҕа чопчу этиилэрин уонна туруорсуутун ыыппыта.

Ити пууннар манныктар:
1. Москва куттала суох буолуу быстыспат уонна тэҥ буолуутун бириинсиптэригэр олоҕуруохтааҕын, өрүттэр бэйэ бэ­­йэлэригэр хардарыта хоромньуну та­­һаарбат туһугар тыл тылга киирсиэхтэрин ыйбыта. Ол туһугар куттала суох буолууларын таарыйар дьайыылар­даах тэрээһиннэри ыыппаттарын туһунан хардарыта эбэһээтэлис­тибэ ылыныахтаахтар.
2. Өрүттэр Арассыыйаҕа уонна АХШ-ка сэбилэниилээх саба түһүүнү бэлэмнииргэ уонна ыытарга атын судаарыстыбалар сирдэрин-уоттарын туһаныа суох­таахтар.
3. АХШ НАТО илин диэки салгыы кэҥээбэтин туһунан эбэһээтэлистибэ ылыныахтаах. Урут ССРС састаабыгар киирэ сылдьыбыт судаарыстыбалары альянска ылартан туттунуох­таах. Бу ирдэбил байыаннай сойуус­ка дураһыйар Украинаҕа уонна Грузияҕа быһаччы сыһыаннаах.
4. Урут ССРС өрөспүүбүлү­кэлэрэ буола сылдьыбыт уонна НАТО чилиэнинэн буолбат судаа­рыстыбалар сирдэригэр-уоттарыгар АХШ байыаннай баазалары тэрийиэ суохтаах. Ону тэҥэ кинилэр инфраструктураларын ханнык баҕарар байыаннай дьайыыны ыытыыга туһаныа, кинилэрдиин икки өрүттээх ба­­йыаннай бииргэ үлэлээһини олохтуо суохтаах.
5. Арассыыйа, маны таһынан, национальнай куттала суох буолууга суоһааһын курдук ылыныллар оройуоннарга сэбилэниилээх күүстэри киллэрэртэн уонна сэбилэниилэри тэнитииттэн хардарыта аккаастанарга ыҥырар. Ону тэҥэ ядернай уонна ядернайа суох сэбинэн сэбилэммит ыарахан уйук­таах бомбардировщиктар бэйэ кыраныыссатын таһыгар (вне национального воздушного пространства), Арассыыйа уонна АХШ сирин-­уотун ытыалыахха сөп ыраах сиринэн көтүүлэртэн уонна ба­­йыаннай хараабыллар усталларыттан туттунуохтаахтар.
6. Арассыыйа маны таһынан бэйэ сирин-уотун тас өттүгэр орто уонна чугас тэбиилээх аракыаталары тэнитииттэн аккаастанар бириинсипкэ хос төннөргө этии киллэрбитэ.
7. Москва бэйэ сирин-уотун таһыгар ядернай сэбин-сэбиргэлин тэниппэт туһунан этиилээх.

Ол эрээри, билэргит курдук, бу этиилэри барытын Арҕааҥҥы блок ылымматаҕа. Салгыы Украина НАТО-ҕа мүччүрүйбэккэ киириитэ буолуохтааҕа. Онтон, дьэ, саахымат оонньуутугар курдук, аа-дьуо хардыылаан, ыган-түүрэн барыахтаахтар этэ. Ол туһугар Зеленскэй судаарыстыба баһылыгын быһыытынан НАТО-тан көмө көрдүөхтээҕэ.

Булгуччулаах харда

Бу дьыл олунньу 24 күнүгэр саҕаламмыт анал байыаннай эпэрээссийэни сорохтор, маҥнай Сириятааҕы эпэрээссийэ курдук, ылымматахтара. Ол эрээри билигин ити байыаннай дьа­йыы төрүөтэ уонна соруктара мөккүөрэ суохтар.
Буола турар быһыы-майгы 1991 сыллаахха сүтэрбит норуоттар икки ардыларынааҕы бэлиитикэҕэ бэйэбит тутулуга суох буолуубутун төнүннэриибит буолар. Киһи олоҕор эбэтэр судаарыстыба бэлиитикэтигэр аптарытыаты төнүннэрии судургу буолбатах. Маныаха кэккэ кыһалҕалар да бааллар – тиэхиньиичэскэй, үп-экэниэмикэ өттүнэн уонна социальнай.
Буола турар быһыыны-майгыны үрдүттэн ылбакка, төрдүн-төбөтүн, кэнэҕэскитин барытын өйдөөн-дьүүллээн ырыҥалаатахха, барыта орун-оннугар буолар уонна дьэҥкэтик өйдөнөр. Онон күннээҕинэн эрэ олорбокко, ырааҕы көрөн, анааран баар балаһыанньаны сыаналыыр ордук буолуо.

Виктор КОЛЕСОВ,
«Сахамедиа» генеральнай дириэктэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
16 декабря
  • -31°C
  • Ощущается: -31°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: