Салгыы
“Киһи күннээх, балык ыамнаах”

“Киһи күннээх, балык ыамнаах”

Ааптар:
17.05.2023, 19:00
Кутана нэһилиэгин түмсүүтэ тиксэрбит хаартыската
Бөлөххө киир:

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр Сунтаар оройуонун Кутана нэһилиэгэр 1943 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр лиирик-бэйиэт Альберт Егоров-Бүлүүйүскэй күн сирин көрбүтэ. Альберт, оччотооҕу ыар олох охсуута тэбэн, быыкаайык сааһыттан ыарыһах эбит.

 

Альберт туһунан кылгастык

Уҥа өттүнээҕи илиитэ, илигирии сылдьар буолан, туох да көдьүүһэ суоҕа. Олох кыратыттан хаҥас илиитинэн тутта үөрэммит. Оскуолаҕа үөрэнэ киирэрин киирбитэ үһү эрээри, бастаан утаа хаҥас илиитинэн харандааһы, уруучуканы таба тутан суруйбакка, сүрдээҕин эрэйдэнэрэ эбитэ үһү. Ол да буоллар, үөрэххэ-сайдыыга күн баҕалаах, билиигэ-көрүүгэ дьаныардаах уол үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһан, иннин диэки баран испит. Кэлин кимнээҕэр үчүгэй буочардаммыт. Ону таһынан уруһуйдуурга холоммут. Ол уруһуйдара күн бүгүҥҥэ диэри тиийэн кэлбиттэрэ үөрүүлээх суол. Альберт элбэҕи ааҕар, билиитин хаҥатынар идэлэммит. Онон төһө да киһиттэн итэҕэс дьылҕалаах буоллар, кими баҕарар долгутар-уйадытар уран-уйаҕас тыллаах-өстөөх бэйиэт буола үүнэн тахсыбыт.

Аны санаатахха, Альберт Бүлүүйүскэй кылгас да олоҕу олорбут эбит. Отут алта саас диэн саас үһү дуо, доҕоттоор. Саатар, биэс уон-алта уон сыл олох олорбута буоллар диэх курдук эбээт. Сүрдээх хомолтолоох суол. Сорох талааннаах дьоммут дьылҕалара тыйыс. Ол эрэн биирдэ санаан көрдөххө, бу киһини өйдүүр буолуоҕуттан ыарыы бөҕөтүгэр эмтэрбит, дьону-сэргэни кытары тэбис-тэҥҥэ олорор кыаҕа суох киһи айылҕаттан бэриллибит талаана кинини сүөм үрдэтэн, тутум улаатыннаран, киһи мээнэ тэҥнэспэт киһитэ гына сайыннарбыт эбит. Олус аахпыт, билиини иҥэриммит киһи буоларын айан таһаарбыт айымньылара, тылбаастара туоһулууллар.

Кинини иһэр-аһыыр этэ дииллэр. Киһи ону олох баалаабат суола. Кэргэн истиҥ тапталын, төрөппүт оҕо минньигэс сытын, бэйэ дьиэ­тин сылаас­сымнаҕас эйгэтин билбэтэх, киһиттэн эрэ итэҕэс сананар киһини ким, ама, баалыай?! Манна диэн эттэххэ, онноо­ҕор буолуох, толору олохтоох дьоммут арыгыны атас-доҕор оҥостоллор эбээт. Кинини билэр дьон арыгыһыт диэн атарахсыппакка, илии таһынан тарыйан кэбиспэккэ, төһө кыайалларынан аһатан-сиэтэн, таҥаһын-сабын өрө тардан, көрө-истэ сатаабыттар эбит.

Көҥүлү туохтааҕар да таптыыра

Мин Бүлүүйүскэйи бэйиэт эрэ быһыытынан буолбакка, киһи быһыытынан билэн истэҕим аайы кини көҥүлү олус таптыыр киһи эбит диэн түмүк санааҕа кэлбитим. Ол иһин кимиэхэ да соҥноммокко, үҥсэргээбэккэ, баайсыбакка бэйэтэ бэйэтигэр сырыттаҕа.  Бэйэтэ да олус сэмэй киһи эбит. Ол аһыы утаҕы амсайбытын да иһин, кимниин эмэ иирсибит, этиспит, үөхсүбүт түгэнэ төрүт да суох диэн дьон-сэргэ ахтан ааһалларын истэбин.

Альберт Бүлүүйүскэй, хомойуох иһин, 1979 сыллаахха бэс ыйын 1 күнүгэр олохтон туораабыт. Мин дойдубар 1978 сыллаахха олохсуйа көһөн кэлбитим. Инньэ гынан кинилиин сирэй көрсүбэтэҕим, биирдэ да сэһэргэспэтэҕим.

Бэйиэт аатын  үйэтитии

Альберт Бүлүүйүскэй төрөөбүтэ 80 сылын көрсө бэйиэт төрөөбүт нэһилиэгин кыыһа Анетта Андреевна Егорова уонна Кутанаҕа эдэр сааһыттан, үлэҕэ ананан кэлиэ­ҕиттэн ханна да халбарыйбатах, кэргэн тахсан олохсуйбут Зоя Григорьевна Кириллина эр-биир дьоһуннаах кини­гэлэри бэчээттэтэн күн сирин көрдөрдүлэр. Икки кинигэ матырыйаалын аан бастакынан хомуйан саҕалаабыт киһинэн Трофим Семенович Кириллин буолар. Кини Альберт Бүлүү­йүскэй хоһооннорун, кэпсээннэрин, тылбаастарын, онтон да атын матыры­йааллары чөкөтөн испит улахан өҥөлөөх. Хомойуох иһин, ол матыры­йааллар күн сирин көрө охсубатахтара. Трофим Семенович ыарахан ыарыыттан өрүттүбэтэҕэ, олохтон эрдэ туораабыта.

 Саҥа кинигэ

Т.С.Кириллин кэргэнэ З.Г.Кириллина аҕаларын ыра санаатын толорон, кини ситэрбэтэҕин ситэрэр сыаллаах-соруктаах буолан, төрөппүт оҕолорун кытта сүбэлэһэн, биир тылы булан, түбүккэ-садьык­ка күөртээн, үлэҕэ-хамнаска көҕүлээн, бу дьоһун­наах “Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан…” кинигэни таһаар­тарбытын илиибитигэр туттахпыт, ааҕар дьоллоннохпут. Зоя Григорьевна бу кинигэ тахсарыгар саамай сүрүннээччи киһи да буоллар, бэйэтин ааптар быһыытынан кинигэҕэ киллэрбэтэх. Бу сүрдээх сэмэй быһыы буолар.

Кинигэ ааптардарынан Күндэлиинэ Трофимовна Кирил­лина, Нюргуяна Трофи­мовна Егорова уонна Надежда Константиновна Кузьмина буолаллар. Кинигэ улахан кээмэйдээх, 542 сирэйдээх, халыҥ хахтаах. “С.А.Новгородов аатынан “Айар” национальнай кыһаҕа 425 ахсаанынан бэчээттээн таһаарбыт. Тас хаҕар бэйиэт кумааҕыга суруйбут айымньытын көрө олорор номоҕон дьүһүннээх хаартыската туһаныллыбыт.

Кинигэ киирии тылларын норуодунай бэйиэт Н.И.Харлампьева уонна сунтаардар биир киэн туттар бэйиэппит А.Н.Шадринова-Суоһааны суруйбуттар. Кинигэ икки олуктан турбут. Бастакы “Кэлэр кэмнэргэ айаннаан иһэбин” олук 18 түһүмэхтээх. Ол онно Альберт Бүлүүйүскэй хоһоонноро, кэпсээннэрэ, атын бэйиэттэр нууччалыы тылынан суруллубут айымньыларын сахалыы тылынан тылбаастаан бэлэмнээбитэ, ыстатыйалара, суруктара, уруһуйдара, хаартыскалара, бэйэтин олоҕун кэрчиктэрин сырдатыыта киирбиттэр. Оттон иккис “Сүрэх кэриэтэ чугас буолуом” олук 7 түһүмэхтээх. Бу түһүмэхтэргэ Альберт Бүлүүйүскэйи чугастык билэр оҕо уонна эдэр сааһын доҕотторо, эн-мин дэһиспит үөлээннээхтэрэ, кини поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр ахтан ааспыт ахтыылара тиһиллибиттэр. Ону сэргэ бэйиэт сырдык аатыгар анабыл хоһооннор, кини хо­­һоонноругар айыллыбыт ырыалар ноталара уонна тыллара киирбиттэр. Эбиитин куар кодтар туруоруллубуттар.  Онон бу кинигэ бары өттүнэн эҥкилэ суох кинигэ буолан тахсыбыт. Инники өттүгэр бэйиэт айар үлэтин маннык киэҥник сырдаппыт кинигэ күн сирин көрө илигэ.

“Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан…”

Бу саас, кулун тутар 18 күнүгэр, Дьокуускай куоракка нэһилиэкпит 150 сыллаах үөрүүлээх үбүлүөйүгэр бэлиэтиир дьоро күнүгэр сөп түбэһиннэрэн, бу Альберт Бүлүүйүскэйгэ анал­лаах “Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан…” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ олус өрө көтөҕүллүүлээхтик буолан ааспыта. Куоракка, куорат чугаһы­нааҕы улуустарга олохсуйан олорор сунтаардар уонна бэйиэт сырдык аатыгар сүгүрүйээччилэр биир киһи курдук мустубуттара. Бэйиэт төрөөбүт нэһилиэгин дьоно хас эмэ массыынанан үөрэ-көтө куоракка тиийбиттэрэ. Дьоро күнү Сунтаартан төрүттээх норуодунай поэтесса Н.В.Михалева-Сайа иилээн-саҕалаан сала­йан ыыппыта. Олус дьоһуннаах тэрээһин буолан ааспыта.

Оттон муус устар 20 күнүгэр бэйиэт киинэ түспүт төрөөбүт нэһилиэгэр “Уоттаах тыл сүмэтин хаалларан” кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ чугастааҕы атын нэһилиэктэртэн тиийэ дьон муһунна. Үтүө тыл-өс бөҕө этилиннэ. Бэйиэт тылларыгар суруллубут ырыалар дьиэрэйдилэр. Экраҥҥа хаартыскалар кэккэлээтилэр. Хардары-таары эҕэрдэлэһии бөҕө буолла. Дьон-сэргэ кинигэ күн сирин көрөрүгэр икки сылы быһа эриһэн түбүгүрбүт Зоя Григорьевна Кириллинаҕа уонна кини оҕолоругар-урууларыгар тыл бастыҥын анаатылар, эҕэрдэ эриэккэһин эттилэр. Күндэйэттэн күндү ыалдьыт буолан, үөрүүбүтүн үллэстэн бардылар Альберт Бүлүүйүскэй балтылара Маркиза, Маргарита Ивановналар, күтүөтэ Николай Васильевич-Агырытта. Мело­дистар Степанов Александр Николаевич, Егоров Андрей Петрович уонна Евдокия Андреевна Тарабукина Бүлүү­йүскэй ырыаларын ыллаатылар, Любовь Семеновна Львова Бүлүүйүскэй хоһоо­нун аахта. Ыаллыы нэһи­лиэкпититтэн Сиэйэттэн «Утум» түмэли тэрийбит Октябрина Прокопьевна Максимова, Бүлүүйүскэй доҕоро Трофим Ефимович Егоров-Тирэҕэ ыалдьыттаатылар. Мэктиэтигэр, бу дьоро күн Альберт Бүлүүйүскэй илэ бэйэтинэн кэлэ сылдьыбытын курдук санаа дьону-сэргэни кууста. Бу дьоллоох түгэҥҥэ “Киһи күннээх, балык ыам­наах” диэн өс хоһооно саамай сөпкө түбэһэр.

Түмүккэ

Биһиги, Кутана нэһилиэгин олохтоохторо уонна бэйиэт Альберт Бүлүүйүскэй поэзиятыгар сүгүрүйээччилэр халыҥ кэккэлэрэ, бу сыралаах үлэ түмүктэнэн, дьоһуннаах кинигэ буолан тахсарыгар күүстэрин-күдэхтэрин анаа­быт Кирилиннэр дьиэ кэргэттэригэр дириҥ махталбытын тиэрдэбит, үлэ үмүрүйбүтүнэн эҕэрдэлиибит! Өссө да айымньылаах үлэҕит аартыга кэҥии, талааҥҥыт арылла, өйгүт-санааҕыт чэчирии сайда туруохтун!

Валентина Дьячковская-Хара Көмүс, суруйааччы

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: