Елена Потоцкая хаартыската
Бу чааска Дьокуускай куорат мээрэ Евгений Григорьев суруналыыстарга пресс-кэмпириэнсийэ ыыта олорор.
Куорат мээрэ 2024 сыл киин куорат олоҕор-дьаһаҕар ситиһиилээхтик ааһан эрэрин, Дьокуускай куорат олохтоохторо 82 бырыһыан куолаһы биэрэн, РФ Бэрэсидьиэнин Владимир Путины өйөөбүттэриттэн кэпсэтиини саҕалаата.
«Быйыл хаһааҥҥы да сыллааҕар бөдөҥ эбийиэктэр тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Ол курдук, Ленин болуоссата саҥардылынна, Сайсары күөл аттынааҕы уонна Роман Дмитриев аатынан искибиэрдэргэ дьон сынньанар сирдэрэ саҥардыллан үлэлииллэр. Билигин куоракка 23 бырайыагы олоххо киллэрээри бэлэмниибит. Элбэх социальнай эбийиэк тутуллан үлэҕэ киирдэ.
Быйыл хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү соругун 97 бырыһыан толордубут. Өссө 40 кыбартыыра үлэҕэ киирэрэ хаалла. Онон бары уустуктары этэҥҥэ туораан, 2025 сылы үгүс ситиһиилээх көрсөн эрэбит», — диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
От ыйа сайын үгэнэ, сайын оройо. Аан Алахчын хотун Ийэбит ыйа хайдах буолуой? Бэс ыйын…
Удачнай куорат борокуратуурата анаммыт накаастабыл кээмэйэ кыратынан сибээстээн, суут уурааҕын апелляция бэрээдэгинэн үҥүстэ. Ол уурааҕынан,…
Бүгүн Оһуокайбыт түһүлгэтигэр субуотунньуктаатыбыт. Мустуубут боппуруоһунан түмсүү сэбиэтэ Оһуокай ыһыаҕын тэрийиигэ сүбэлэстибит. Бастатан туран, Нерюнгрига…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн бааннар кирэдьиит биэрэллэригэр кирэдьиит устуоруйатын учуоттаабат буоллулар диэн сымыйа сурах тарҕанна.…
Бу сыл тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри «Якутскэнергосбыт» хампаанньа 50 мөл. солк. тахса суумалаах хомунаалынай өҥөлөр…
Политолог, суруналыыс Чокуур Гаврильев ырытар.