Киин куоракка үс массыына харсыспыт
09.10.2024, 18:29
Хаартыска: Киин куорат Госавтоинспекцията
Бөлөххө киир:
Бэҕэһээ, алтынньы 8 күнүгэр, киэһэ 20 чаас саҕана Дьокуускай куорат Курнатовскай аатынан уулусса 22 №-дээх дьиэтин таһыгар үс массыына кыттыылаах суол саахала тахсыбыт.
Биир суоппар эчэйбит. Бу туһунан киин куорат Госавтоинспекцията иһитиннэрэр.
Силиэстийэ быһаарбытынан, 66 саастаах оптуобус суоппара түргэн тэтимнээхтик айаннаан иһэн Toyota Vitz массыынаны кытта харсыспыт. Ол кэннэ Toyota Crown массыынаҕа тиийэн сааллыбыт.
Суол саахалын түмүгэр 62 саастаах Toyota Vitz суоппара эчэйбит. Эмсэҕэлээбит суоппарга суһал мэдииссинэ көмөтүн оҥорбуттар уонна дьиэттэн амбулаторнай эмтэниигэ ыыппыттар.
+1
+1
+1
+1
+1
1
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: