Киин куорат олохтооҕо түөкүттэргэ 3,7 мөлүйүөн солкуобай кирэдьиит харчытын ыыппыт

Share

ИДьМ 4 №-дээх полициятын дьуһуурунай чааһыгар 40 саастаах эр киһи эрийэн, түөкүттэр харчытын уорбуттарын туһунан биллэрбит. Бу туһунан ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.

Силиэстийэ быһаарыытынан, эр киһи суотабай төлөпүөнүгэр инвестициянан харчы үлэннэрэн ылыыга угуйукка киирэн  биэрбит. Угуйугу интэриэһиргээн, эр киһи тутатына анкета толорон ыыппыт. Сотору кэминэн киниэхэ үп-харчы исписэлииһэ буолан кубулунан түөкүттэр эрийбиттэр уонна  инвестициялыыр бырагыраамаҕа кыттарга этии киллэрбиттэр.

Сымыйа брокердар ыйыыларынан эмсэҕэлээччи төлөпүөнүгэр хас да сыһыарыыны туруоруммут. Ол кэннэ харчытын кинилэр ыйбыт счеттарыгар ыыталаабыт. Манан тохтообокко эр киһи бэйэтин уонна бииргэ олорор дьахтар аатыгар 1,5 мөлүйүөнтэн тахса суумалаах кирэдьиити ылбыт. Ылбыт кирэдьиит харчытын эмиэ «инвестициялаабыт». Хара санаалаахтар сөп буолбакка, «барыстаах» инвестиционнай бырагыраамаҕа атын кыттааччылары ыҥырарга күһэйбиттэр. Дьэ онно биирдэ эр киһи түөкүттэр угаайыларыгар түбэспитин өйдөөбүт. Маныаха кини барыта 3,7 мөлүйүөн солкуобайтан тахса харчытын сүтэрбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сүрүн

Уунан тиэйэн, сиринэн таһан, салгынынан көтүтэн

Хоту арктическай улуустары аһынан-табаарынан хааччыйыы биир тирээн турар сорук буолар. Сайынын уу суолунан таһаҕас тиэммит…

7 минут ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ

ВИДЕО: «Малой» диэн позывнойдаах байыас махталын тиэрдэр

Бүлүү улууһун Үгүлээт нэһилиэгиттэн байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар "Малой" диэн позывнойдаах байыас Бүлүү улууһун олохтоохторугар,…

34 минуты ago
  • Сонуннар

Орто Халыма маастара хаартан моҕойу оҥордо

Орто Халыма куорат маастара Алексей Егорович Тарасов кэлэр сыл бэлиэтин -- Моҕойу хаартан оҥордо.  [gallery…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сүрүн

Филипп Евсеев: “Дьоһуннаахтык уонна чиэһинэйдик олоруохха”

Т-80 тааҥка “Алеша” экипаһа ВСУ холуоннатын тоҕута сынньан дьоруойдуу быһыыны оҥорбутун күөх экраҥҥа көрбүппүт. Бу…

2 часа ago
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Дьокуускайга уһуйаан оҕолоро Тымныы Оҕонньору, Хаарчаананы көрөн үөрдүлэр

Дьокуускайга "Надежда" уһуйаан иитиллээччилэригэр Тымныы Оҕонньор уонна Хаарчаана түннүгүнэн көстөн ааспыттар. Оҕолор үөрүүлэрэ муҥура суох. …

2 часа ago
  • Быһылаан

Нерюнгрига массыыналар харсыстылар, биир киһини госпитализациялаатылар

Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа биэс буруйу оҥоруу тахсыбытын туһунан СӨ борокуратуура иһитиннэрэр. Мииринэй оройуонугар дьахтар…

3 часа ago