Саха дьоно-сэргэтэ улаханнык ытыктыыр бастакы Бэрэсидьиэммит М.Е.Николаевы кытта хаартыска.
Бу оччолорго киһи эрэ сэҥээрэр «Кодак» аппараатыгар түһэриллибитэ. Иннигэр турар кыра кыысчаан — мин оҕом. Билигин улахан киһи. Бэйэтэ туспа буочардаах, талааннаах, сөбүлүүр дьарыктаах, хоббилаах.
Хаартыскаҕа 2010 сыллаахха Кыайыы үбүлүөйдээх ыһыаҕар Үс Хатыҥ сиригэр-уотугар түһэрбитим. Ити туһунан урут сиһилии суруйан турабын. Онон хатылаабаппын.
Далбар хотуттар бу хаартыскаҕа ытык киһибитин кытта кэккэлэһэн тураллар. Кинилэртэн кими даҕаны билбэппин. Арай, сааһыран истэҕим ахсын, ытык киһибитин арыаллыы сылдьыбыт кимнээх эбиккит буолла диэн ыйытыы куруук күөрэйэн кэлэр. Онно хоруй ылыам диэн бу суруйабын. Дьоҥҥутун-сэргэҕитин көрдөххүтүнэ биллэриэххит диэн эрэнэ саныыбын. Төлөпүөнүм эрэдээксийэҕэ баар.
Түгэнинэн туһанан, мин урут суруллубатах биир түгэни ахтан-санаан ааһабын. Ааспыт үйэ аҕыс уонус сылларыгар сопхуостар үгэннээн үлэлии турар кэмнэрэ этэ. Тыа хаһаайыстыбатын научнай чинчийэр института Дүпсүн сопхуос Бээдитээҕи отделениетын Эбэ диэн харысхал ааттаах улахан алааһыгар экспериментальнай былаһааккалаахтара. Онно кураантан иҥнибэккэ үүнэр элбэх сыллаах оту үүннэрэллэрэ. Учуонайдар сайын аайы онно кэлэн үлэлиир этилэр. Оччолорго Михаил Ефимович тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ. Кини сайын аайы бөртөлүөтүнэн кэлэн көрөн-истэн, билсэн барара. Михаил Ефимович Николаев Сахатын сиригэр оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө өлбөөдүйбэт өйдөбүл буолан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһиэҕэ.
Иван Сивцев-Бээди.
Биэс сыллаах тохтобул кэнниттэн Судаарыстыбаннай Кириэмил дыбарыаһыгар бастыҥ устудьуоннарга, үөрэх олимпиадаларын, айар куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр…
Сыл саамай хараҥа, тымныы бастакы ыйын туһунан Тускул үгэс быһыытынан билгэлээтэ. - 2026 сыл -…
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар биир киһи хаһыс да төгүлүн арыгы иһэн баран, массыынаны ыытан, сууттанна. …
Саҥа дьыл буолара үс эрэ күн хаалла. Эрдэттэн хааччымматах дьон билигин тугу бэлэхтиибит диэн толкуйга…
Бу күннэргэ Мэхээлэ Дьөгүөрэп аатынан сылын ахсын ыытыллар Бэрдьигэстээх нэһилиэгин баһылыгын сылы түмүктүүр "Бастыҥнар түһүлгэлэрэ"…
Ахсынньы 28 күнүгэр «Восточнай» космодромтан «Союз-2.1б» аракыата Саха сирин бастакы «Чолбон» кыра космическай аппарааты орбитаҕа таһаарда. Бу Саха сирэ…