Салгыы
«Кинилэр доруобуйаларын салгыы кэтээн көрүөхпүт»

«Кинилэр доруобуйаларын салгыы кэтээн көрүөхпүт»

10.03.2024, 09:02
Хаартыска: Ю.Иванова тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Перинатальнай кииҥҥэ олунньуга саҕаламмыт Аһаҕас аан күннэрэ өссө да салҕаналлар. Кулун тутар 5 күнүгэр Перинатальнай кииннээҕи дьахтар консультацията эмтэнээчччилэрин Аһаҕас аан күннэригэр ыҥырбыта. Дьахтар консультациятын сэбиэдиссэйэ Юлия Серафимовна Иванова маннык кэпсээтэ:

-Биһиги Аһаҕас аан күннэригэр 2020-2023 сылларга Перинатальнай кииҥҥэ эмтэммит кэрэ аҥаардарбытын ыҥырбыппыт. Сылаас чэй иһииттэн саҕалаан, истиҥник олорон кэпсэттибит, оҕо күүтэр кэмнэригэр эмискэ үөскээбит уларыйыылар, федеральнай кииҥҥэ төрүү барыы уо.д.а. туһунан кэпсэттибит. Кинилэр Перинатальнай киин быраастарын түмүктэринэн оҕо күүтэр кэмнэригэр биһиэхэ учуокка турбуттара. Бу ийэлэр оҕолорун төрөппүттэрин да кэннэ доруобуйаларын туругун тиһигин быспакка хонтуруоллуур туһуттан салгыы кэтээн көрөргө быһаарыммыппыт. Хомойуох иһин, кэрэ аҥаардар ардыгар олорор сирдэринэн поликлиникаҕа көрдөрүммэттэр, дьиҥэр, доруобуйаларын көрдөрө сылдьыахтаахтар, дириҥ чинчийиини оҥорторуохтаахтар. Ийэ — дьиэ кэргэҥҥэ сүрүн киһи, ким баҕарар ийэтэ чэгиэн доруобуйалаах буолуон баҕарар. Онон, кинилэр доруобуйаларын кэтээн көрөбүт. Аһаҕас ааҥҥа кэлбиттэри көрөн-истэн, кэпсэтэн баран биһиги акушер-гинекологтарбыт, терапевт уонна окулист туһааннаах чинчийиилэргэ ыыттылар. Биһиги салгыы кинилэр доруобуйаларын кэтээн көрөр былааннаахпыт.

Ийэлэр быраастары кытары бэсиэдэлэһэн баран дьиэлэригэр хайдах настырыанньалаах барбыттарын сэрэйиэххэ эрэ сөп. Онтон күн иккис аҥаарыгар акушер-гинекологтар «Якутия 24», «Якутия сегодня» ханааллар бырагыраамаларыгар кыттан, бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кэпсээтилэр. Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта Перинатальнай кииннээҕи дьахтар консультацията үрүҥ көмүс үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ.

Зоя ИГНАТЬЕВА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 74% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: