Улуу Кыайыы күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээннэригэр Алексей Николаевич Березкиҥҥа, Мартын Герасимович Григорьевка, Валентина Васильевна Ефремоваҕа, Семен Иванович Колтовскойга, Лилия Николаевна Коптеловаҕа, Роман Тихонович Николаевка, Кирилл Егорович Павловка, Сергей Степанович Прихожаҥҥа, Наум Трифонович Слепцовка, Петр Константинович Яковлевка эҕэрдэтин тиэртэ уонна махтанна.
«Эһиги этэҥҥэ чэгиэн сылдьаргытын көрөр дьол! Эһиил этэҥҥэ Кыайыы 80 сылын көрсүөхпүт диэн эрэнэбин. Ытыктабылы кытта Алексей Николаевич Березкиҥҥа, Валентина Васильевна Ефремоваҕа, Семен Иванович Колтовскойга уонна Наум Трифонович Слепцовка сүгүрүйэбин, эһиги этэҥҥэ сүүс сааскытын ааспыккыт», — диэтэ Кирилл Бычков.
Кини Кыайыы күнэ биһиги дойдубут сүрүн бырааһынньыга буоларын бэлиэтээтэ. Хас биирдии дьиэҕэ эр санаа, үлэ, хорсун быһыы устуоруйалара бааллар. Бу устуоруйалары биһиги оҕолорбутугар, ыччаппытыгар тиэрдэбит. Арассыыйа норуотун хорсун быһыыта үйэлэр тухары өлбөөдүйбэтин туһунан эттэ.
«Аҕа дойду Улуу Кыайыытын нэһилиэнньиктэрэ буоларбыт үрдүк чиэс буолар. Биһиги Аҕа дойду бэтэрээннэрин кытта биир кэмҥэ олорорбутунан киэн туттабыт. Ис сүрэхпитттэн бэтэрээннэргэ чэгиэн доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабын!»
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…