Кировскайдар от  былаанын толорорго дьулуһаллар

Share

Горнай улууһугар нэһилиэктэр аайы оттооһуҥҥа штабтар тэриллибиттэрэ. Ол эмиэ тэрээһиҥҥэ көмөлөөҕө чахчы.

Кировскай нэһилиэгэ быйыл сайын 1825 т оту соҕотуопкалыыр былааннаах. Бүгүҥҥү туругунан, отчуттар 1441 туоннаны кэбистилэр. Ол аата былааннарын 85 бырыһыанын хайыы үйэ толорбуттар.

— Бастаан, кырдьык, ардаабытыгар сыл тахсар оппутун булуммат буоллубут диэн киһи барыта долгуйбута. Хата, онтон халлааммыт туран биэрэн, оттооһун тэтимнээхтик барда. Үгүс моой отчуттар оттуур сирдэрин бүтэрдилэр. Биирдиилээн улахан хаһаайыстыбалар оттуу сылдьаллар. Нэһилиэкпитигэр өссө түөрт мобильнай биригээдэлээхпит. Биир биригээдэ 100 т оту чөкөттө. Онон быйыл кыстыкпытын этэҥҥэ туоруурга эрэх-турах буоллубут, атыыга да от тахсара буолуо дии саныыбын. От үрэххэ сорох сирдэр ууга сытар этилэр, онтон кураан күн-дьыл туран, уута тардан, онно оттуу сылдьаллар, — диэн иһитиннэрдэ Кировскай нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Станислав Яковлевич Андреев.

Онон кировскайдар курдук тэтимнээхтик оттооҥ!

Хаартысканы: С.Андреев ыытта

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Идэтийии: өбүгэ үгэһин утумнааччылар»

Ахсынньыга Дьокуускайга оҕолорго уонна ыччаттарга I өрөспүүбүлүкэтээҕи төрүт култуураҕа чөмпүйэнээт буолан ааспыта.   Төрүт сахалыы эйгэни…

25 минут ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Бит-билгэ туһунан

Сахалар билгэлэрэ Сахалар итэҕэллэринэн киэһэ таһырдьа улаханнык саҥарыа, айдаарыа суохтааххын, сир иччитин кыыһырдыаххын сөп.  Түүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Уопсастыба

2025 сыл сүрүн ситиһиилэрэ: эдэр артыыс Эрхаан Слепцов

2025 сыл талааннаах бастыҥ ыччатынан Эрхаан Слепцову ааттыыбыт. “Айхал” диэн Дьулусхан Андросов таһаарбыт сахалыы киинэҕэ…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Туһаайан этиитигэр – сыл ситиһиилэрэ

Айсен Николаев ахсынньыга Туһаайан этиитигэр ааспыт сыл ситиһиитин кэпсээтэ, кэлэр сылларга сайдыы тосхолун торумнаата, парламент,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга: тохсунньу 9 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Саха сирин арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа ,…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

ЫРЫСЫАП: “Чэчикчээннэр”

Дьокуускай куорат В. И. Малышкин аатынан 23‑с нүөмэрдээх оскуолатын саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах…

22 часа ago