Салгыы
Сулустаан Заболоцкай: Кировскайдар Саха сиригэр махталлара улахан

Сулустаан Заболоцкай: Кировскайдар Саха сиригэр махталлара улахан

18.10.2022, 11:17
Бөлөххө киир:

“Сахамедиа” АУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Сулустаан Заболоцкай аҕыйах хонуктааҕыта Арассыыйа састаабыгар киирбит Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ Кировскай куоратыттан кэллэ. 

Чөлүгэр түһэрии

– Сулустаан Владими­рович, Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэҕэ бу номнуо иккис сырыыҥ. Бу барыыгыт туох соруктааҕый?

– Ыам ыйын бүтүүтэ тиийбиппит уонна аҕыйах хонуктааҕыта кэллибит, түөрт ыйтан ордук сырыттыбыт. РФ бэрэсидьиэнигэр СӨ Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Сандаминович Федотов салайааччылаах Саха сирин бөлөҕө Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэ дьоҕус Кировскай куоратын чөлүгэр түһэриигэ көмөлөстүбүт. Нэһилиэнньэтин ахсаана 27 тыһыынча курдук эбит эрээри, анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан дьон Арассыыйа диэки көһөн, билигин быһа холуйан 24-25 тыһыынча киһи олорор. Өссө 2015 сыллаахха Кировскай куораты дэлби тэптэрбиттэр, ол түмүгэр алдьаммыт-кээһэммит дьиэлэри чөлүгэр түһэрии барар.

Былаан быһыытынан бы­­йылгы сылга 31 эбийиэк турар. Күн бүгүн номнуо 29 эбийиэги туттардыбыт. Билигин 2 эби­йиэк хаалла. Манна сүрүннээн суол оҥоһуута, уулуссаларга уот ситимин холбуурга остуолбалары туруоруу, олорор дьиэ, социальнай эбийиэктэр өрөмүөннэрэ, о.д.а. үлэлэр бааллар. Бу сырыыга Донецкай уулусса 4-с уонна Театральнай уулусса 18-с нүөмэрдээх дьиэлэрин өрөмүөннээтибит. Биир сөхпүтүм диэн, Донецкай уулусса 4-с нүөмэрдээх дьиэтигэр снаряд үс төгүл кэлэн түспүт, ону ааһан, биир кыбартыыраҕа – иккитэ. Кыбартыыраттан туох даҕаны ордубатах, бүтүннүү ыһыллыбыт. Бу дьиэ 16 кыбартыыратыттан уон түөрдүн номнуо бүтэрдибит. Сотору олоччу үмүрүтүөхтээхпит, косметическай өрөмүөнэ эҥинэ барыта киирэр. Уонна оройуон киин балыыһатын хоруобуйатын, лиибин, сантехникатын уларыттыбыт.

Тырааныспар өттүнэн балаһыанньа букатын уустук этэ. Биһиги Ил Дархаммыт дьаһалынан, Саха сирин дэлэгээсси­йэтэ дьаһалтаҕа анал тиэхиньикэни көрөн, билигин үлэ биллэ чэп­чиир кыахтанна.

Маннааҕы АйТи паарка резиденэ “Экстра Синема” экран, проектор, хас даҕаны колонка, ноутбук биэрбиттэрин олохтоох култуура дьиэтигэр илдьэн туруорбуттара. Култуура киинигэр үрдүк хаачыстыбалаах киинэ тыйаатырын тэрийдилэр. Таҥан баран бастакынан “Дьулуур: мас-рестлинг” киинэни көрдөрдүбүт. “Профессионаллар устан биэрбиттэрэ дуо?” – диэн ыйыппыттарыгар – сахалар бэйэлэрэ устубуттара диэбиппитигэр итэҕэйбэтэхтии көрөллөр. Ол кэнниттэн куораты чөлүгэр түһэриигэ кэлбит атын эрэгийиэн уолаттара, олохтоохтор мас-рестлиҥҥэ хайдах кыттыахха сөбүй диэн ыйыталаһаллар, сынньалаҥ бириэмэтигэр бэйэлэрин икки ардыларыгар мас тардыһан көрөллөр. Дьон сэҥээрэр эбит, кэлин күрэхтэһии ыытыахха сөп этэ. Саха төрүт көрүҥэ диэн биллилэр.

Үөрэх салаатыгар көмө

– Тустаах куоракка үс оскуола, биир Оҕо айымньытын дьиэ­тэ, сэттэ уһуйаан баар. Саамай улахан эбийиэгинэн 2-с нүөмэр­дээх оскуола буолар. 1980-с­ сыллар саҕаланыыларыгар, 1200 оҕоҕо суоттанан тутуллубут эрээри, кэлин 600-700 оҕо үөрэммит. Тутуллуоҕуттан түннүгүн уларыппыттар уонна улахан өрөмүөн ыытыллыбатах, барыта сэбиэскэй саҕанааҕынан турара. Сантехниката букатын бүппүт этэ. Ону барытын көтүрэн, хапытаалынайдык өрөмүөннээтибит.

Итини таһынан, Саха сирин дэлэгээссийэтэ Арассыыйа бырагырааматын учуобунньуктарын илдьибиппит. Бастакы сырыыбар бара сылдьан үөрэх кинигэлэрин арыйталаан көрөн баран улаханнык сөҕөн турабын – оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн Арассыыйа олохтоохторугар өстүйүүнү үөскэтэр ис хоһоонноохторо. Учуобунньугу сэргэ, үөрэнэр миэбэли, мультимедийнай дуоскалары, физика, химия, география уруоктарыгар туттуллар тэриллэри тиэрдибиппит. Үөрэнээччилэр хаһан даҕаны харахтаан көрбөтөх, олорон, туттан көрбөтөх тэриллэрэ тиийэн, олохтоох оскуола салайааччылара үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ улахан.

Украиналар 2015 сыллаах­ха куорат, эбийиэктэр исхиэ­мэлэрин, былааннарын барытын хомуйан ылбыттар. Ол иһин чөлүгэр түһэрии уустуктардаах, ханан турба, уот ситимэ барарын ким да билбэт. Хас биирдии эбийиэккэ чинчийии, үөрэтии ыытан эрэ баран өрөмүөннэнэр. Сотору куорат маастар-былаана оҥоһуллуохтаах. Эһиил уһуйааннарга өрөмүөн ыытар былаан­нанар. Быйыл олорор дьиэлэр, оскуо­лалар, олох-дьаһах хомунаа­лынай тэрилтэлэрин эбийиэктэрэ хабыллаллар.

Саха сирэ оптуобус түүлэһэн, арыалдьыттары булан, Кировскай куорат 500 үөрэнээччитин Туапсетааҕы оҕо лааҕырыгар сынньатта. Хаһан даҕаны лааҕыр диэни билбэтэх оҕолору сынньалаҥынан хааччыйан, төрөппүттэр улаханнык махтаналлар.

Кировскай куорат салалтатын кытта бииргэ түмсэн,  туох баар ыытыллар тэрээһиннэргэ барытыгар кыттабыт, өрөмүөнүнэн эрэ муҥурдаммакка, олохтоохторго көмө эрэйиллэр түгэнигэр туора турбаппыт, гуманитарнай көмөнү тарҕатыыга кыттабыт.

Биһиги бөлөхпүт уонтан тахса киһилээх сырытта. Чөлүгэр түһэриигэ сакаасчытынан СӨ ОДьКХ тэрилтэтэ, бэдэрээтчитинэн “Арктика” АУо буолар. Олох-дьаһах хомунаалынай тэрилтэттэн барбыт исписэлиистэр төһө да эдэрдэрин иһин маладьыастар, бастакытынан, күнү-дьылы аахсыбакка үлэлииллэр. Иккиһинэн, бэйэлэрин хайысхаларынан ханнык баҕарар боппуруоска (энэргиэтикэ, олох-дьаһах, уу ситимин тардыы, о.д.а.) бэркэ быһаарсаллар. Биһиги бэдэрээтчиппит атын хос бэдэрээтчиттэри көмөҕө ыҥырбыта. Үлэһиттэрбит аҥаардара олохтоохтор уонна сүрүннээн Ростовтан, Анапаттан, Узбекистантан кэлбиттэр.

Үлэ – хорук тымыр

– Биһиги, манна олорор дьон Кировскайга балаһыанньа хайдаҕын син харахпытыгар оҥорон көрөбүт. Киһи олоххо тардыһыыта үлэ, үөрэх буолар. Ол өттүгэр хайдаҕый?

– Кировскай – кыра куорат, үлэ миэстэтэ элбэх диэн этэр табыллыбат. Сүрүн социальнай эбийиэктэр, биир гостиница, биэс-хас маҕаһыын баар. Идэҕэ бэлэмниир үөрэх тэрилтэтэ суох. Оскуола кэнниттэн дьон шахтаҕа үлэлии хаалар эбэтэр куораттан атын сиргэ баран үөрэнэр. Таас чоҕу хостооһунунан дьарыктанар биир бөдөҥ тэрилтэ “Комсомолец Донбасса” шахтаҕа биэс тыһыынча кэриҥэ киһи үлэлиир. 2015 сыллаахха Донецкай Өрөспүүбүлүкэни дэлби эһиигэ шахта суолталаах эбийиэктэрин хаарыйбыттар эрээри, сүрүн үлэ миэстэтин таһаарар тэрилтэ буолан, эрдэ чөлүгэр түһэрбиттэр. Ити биэс тыһыынча үлэһиттэн балтараа тыһыынчата фроҥҥа барбыт. Онно эмиэ улахан мобилизация бара турар, ким да куоппат, күрээбэт.

Референдум –  саха хараҕынан

– Референдум ыытыллар кэмигэр эн Кировскай куоракка баарыҥ. Дьэ, балаһыанньа хайдаҕый? Референдум хайдах ааста?

– Референдумҥа Кировскай куорат олохтооҕун 99,5 бырыһыана Арассыыйаҕа холбоһорго куолаһын биэрдэ. Олус үрдүк көрдөрүү, бэйэлэрэ да соһуйдулар. 2014-2015 сылларга украиналар кэлэн олорор, социальнай дьиэлэри урусхаллаан, эһэн, олохтоохтору эчэтэн-өлөрөн барбыттар. Дьон ити курдук сидьиҥ быһыыны умнубат, өйдүүр. Арассыыйа аатыттан тиийбит Саха сирин дэлэгээссийэтэ туох көмөнү оҥорорун, өйүүр соруктааҕын хараҕынан илэ көрөр – суолу оҥордо, уоту холбоото, эбийиэктэри өрөмүөннүүр, гуманитарнай көмөнү тиэрдэр… Онон куоластааһыҥҥа Саха сирин өҥөтө эмиэ баар дии саныыбын.

Референдум кэмигэр дьон настарыанньата көтөҕүллүбүтэ чахчы көстөрө, бырааһынньыктыы үөрбүт-көрбүт этэ. Ол эрээри, анал байыаннай дьайыы бара турарын умнар табыллыбат, син биир комендантскай чаас баар, элбэх дьон биир сиргэ мустара көҥүллэммэт, онон олох­тоох дьаһалта тугу да тэрийбэтэҕэ. Нэһилиэнньэ кыралаан түмсэн эҕэрдэлэһэллэрэ. Саха сириттэн тиийбиппитин эндэппэккэ билэл­лэр, кэлэн кууһаллар, махталларын биллэрэллэр.

Сымыйа уонна кырдьык

– Олохтоохтор инникилэрин ырыҥаланан көрөллөр дуу, туох санаалаахтарый?

– Кырдьыгын эттэххэ, нэһилиэнньэ ортотугар кэдэрги быһыы, уолуйуу-айманыы суох. Референдум буолла, олохпут уларыйыа, көнүө диэн эрэллээхтэр. Биһиэхэ сыһыаннара үчүгэй, биирдэ даҕаны хомуруйар тылы этэллэрин дуу, кырыы харахтарынан көрөллөрүн дуу истибэтим, көрбөтүм. Референдум кэнниттэн: “Здорова, земляки”, – диэн илии тутуһан ааһаллара, номнуо Арассыыйа олохтоохторо буол­буттарын өйдөрүнэн-санааларынан ылыналларын туоһулуур.

– Социальнай ситимнэринэн Украина Арассыыйаҕа саба түспэтэҕэ, төттөрүтүн Арассыыйа кинилэр сирдэригэр киирбитэ, сүүһүнэн саха ыччатын сүтэрэн эрэбит дииллэрэ кистэл буолбатах.

– Баар суол, оннооҕор сахалыы саҥараллара, 60 хо­­руоп кэлбит дииллэрэ бассаабынан тарҕаммыта, тус бэйэбиттэн эмиэ ыйыталлар. Ити барыта сымыйа, Украина анал күүстэринэн тэриллибит ЦИПсО (центр информационно-психологических операций) киин “үлэтэ” буолар. Сүрүннээн нацио­нальнай өрөспүүбүлүкэлэргэ – Дагестааҥҥа, Татарстааҥҥа, Саха сиригэр, Бурятияҕа, о.д.а. ыыталаан, дьону миитиҥҥэ та­­һаарар, нэһилиэнньэни Арассыыйа салалтатын утары туруорар сорук­таахтар. Манна даҕатан эттэххэ, Кировскайга биһигини сахалар диэбэттэр, Арассыыйа олохтоохторун быһыытынан ылыналлар. Биһиги биир модун Арассыыйа олохтоохторобут, өрөспүүбүлүкэлэр, эрэгийиэннэр,  ити курдук быстах угаайыга киирэн биэрбэккэ, биир сомоҕо буолан күүспүтүн түмүөхтээхпит.

Ыам ыйыгар Сулустаан Заболоцкай Донбасска сырыытын туһунан эмиэ кэпсээн турар. Манна аах. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 66% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: