Социальнай ситимҥэ «коронавирус омикрон ХВВ көрүҥэ кэллэ, бу вирус тыҥаны тымнытан баран, өлүүгэ тиэрдэр, 5 төгүл сыстыганнаах уонна кутталлаах» диэн күнэ-дьыла биллибэт, куттуур аҥаардаах суруйуу тарҕана сылдьар. Бу иһитиннэрии дьиҥнээх дуо?
Коронавирус «арктур» (ХВВ) омикрон-штамм биир көрүҥэ буолар. Төһө да сыстыганнаах буоллар, ыараханнык ыалдьыы суох, өлүүгэ тиэрдибэт. Кырдьаҕастар, оҕолор уонна мөлтөх иммунитеттаах дьон хабан ылыахтарын сөп.
Ол эрээри, коронавирус «арктур» (ХВВ) көрүҥэ Арассыыйаҕа былырыын тарҕана сылдьыбыта. «Роспотребнадзор» муус устар 18 күнүгэр ыалдьыы бастакы түбэлтэлэрин бэлиэтээбит уонна ханнык да хааччахтыыр миэрэлэри киллэрбэтэх.
«Арктур» (ХВВ) былырыын Индияҕа, Сингапурга, АХШ-ка, Кытайга, Германияҕа киэҥник тарҕана сылдьыбыта, барыта 29 дойдуга бэлиэтэммит.
Онон, бу иһитиннэрии сымыйа буолан тахсар — быйылгы буолбатах, былырыыҥҥы иһитиннэрии тарҕана сылдьар эбит.
Саха сиригэр коронавирус «омикрон» штамма 2022 сыллаахха бэлиэтэммитэ, ол эрээри ыарыы чэпчэкитик киирэр буолан, ыалдьыы долгуна этэҥҥэ ааспыта. Бу кэмтэн элбэх дьоҥҥо иммунитет үөскээн, хамсык «хаптайан» барбыта. Онтон коронавирус «арктур» (ХВВ) көрүҥэ бэлиэтэммэтэҕэ.
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…