Салгыы
Коронавирус «арктур-ХВВ» көрүҥэ тарҕанан эрэр дуо?

Коронавирус «арктур-ХВВ» көрүҥэ тарҕанан эрэр дуо?

15.02.2024, 16:30
Хаартыска: РБК
Бөлөххө киир:

Социальнай ситимҥэ «коронавирус омикрон ХВВ көрүҥэ кэллэ, бу вирус  тыҥаны тымнытан баран, өлүүгэ тиэрдэр, 5 төгүл сыстыганнаах уонна кутталлаах» диэн күнэ-дьыла биллибэт, куттуур аҥаардаах суруйуу тарҕана сылдьар. Бу иһитиннэрии дьиҥнээх дуо? 

Коронавирус «арктур» (ХВВ) омикрон-штамм биир көрүҥэ буолар. Төһө да сыстыганнаах буоллар, ыараханнык ыалдьыы суох, өлүүгэ тиэрдибэт. Кырдьаҕастар, оҕолор уонна мөлтөх иммунитеттаах дьон хабан ылыахтарын сөп.

Ол эрээри, коронавирус «арктур» (ХВВ) көрүҥэ Арассыыйаҕа былырыын тарҕана сылдьыбыта. «Роспотребнадзор» муус устар 18 күнүгэр ыалдьыы бастакы түбэлтэлэрин бэлиэтээбит уонна ханнык да хааччахтыыр миэрэлэри киллэрбэтэх.
«Арктур» (ХВВ) былырыын Индияҕа, Сингапурга, АХШ-ка, Кытайга, Германияҕа киэҥник тарҕана сылдьыбыта, барыта 29 дойдуга бэлиэтэммит.

Онон, бу иһитиннэрии сымыйа буолан тахсар — быйылгы буолбатах, былырыыҥҥы иһитиннэрии тарҕана сылдьар эбит. 

Саха сиригэр коронавирус «омикрон» штамма 2022 сыллаахха бэлиэтэммитэ, ол эрээри ыарыы чэпчэкитик киирэр буолан, ыалдьыы долгуна этэҥҥэ ааспыта. Бу кэмтэн элбэх дьоҥҥо иммунитет үөскээн, хамсык «хаптайан» барбыта. Онтон коронавирус «арктур» (ХВВ) көрүҥэ бэлиэтэммэтэҕэ.

+1
28
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: