Салгыы
Красноярскайга «Дорҕоон эйгэтэ» бэстибээл уйулҕаны уһугуннарда

Красноярскайга «Дорҕоон эйгэтэ» бэстибээл уйулҕаны уһугуннарда

Ааптар:
27.11.2022, 15:08
Бөлөххө киир:

Идэтийбит национальнай аркыастырдар бэстибээллэрин түмүктүүр дьоһун түһүлгэҕэ, бэҕэһээ, Красноярскайдааҕы филармония балтараа тыһыынча көрөөччүлээх саалата, айар куттаах Олена Уутай дьүһүйүүтүн улаханнык биһирээтэ.

Көрөөччүлэр, сүһүөхтэригэр туран, хойукка диэри, дохсун ытыс тыаһынан арыаллаатылар. Олена Уутай айылҕа уһуктуутун, көтөр-сүүрэр саҥатын, Сир-ийэ муҥатыйар куолаһын иччилээх дьүһүйүүтүн сыанаҕа, аан бастаан, аркыастыр доҕуһуолунан толордо. Кини бу бастакы холонуута А.Бардин аатынан биллиилээх Красноярскайдааҕы филармония аркыастырынан доҕуһуолламмыта бэлиэ түгэн.

Бэстибээли түмүктүүр кэнсиэр иккис түһүмэҕэр бу аркыастыры кытары Тыва, Хакасия, Башкортостан, Бурятия, Сергей Зверев-Кыыл Уола  аатынан Үҥкүү Национальнай тыйаатырын норуот үнүстүрүмүөннэригэр идэтийбит айар кэлэктииптэр холбоһон, сыанаҕа тэҥинэн оонньоон дьоһун сыанабылы ыллылар. Улахан сыанаҕа бу курдук алта араас өрөспүүбүлүкэ, кыраай национальнай аркыастырдарын икки сүүстэн тахса идэтийбит муусукаана тэҥинэн бииргэ оонньооһуна — аан дойду искусствотыгар бэрт сонун, дохсун саҕалааһын. Бу бииргэ түмүллүбүт бөдөҥ аркыастыры кыраай филармониятын уус-уран салайааччыта, кылаабынай дирижера Валерий Шепелев аркыастыры биир тыыҥҥа, биир эйгэҕэ киллэрэн, олохтоох композитор Владимир Кошелев «Дорҕоон эйгэтэ»диэн дьүһүйүүтүн үрдүк далааһыннаахтык, бэрт айымньылаахтык салайда. Холбоһуктаах аркыастыр дьүһүйүүнү бииргэ толоруута «Кыл Саха » Афанасий Томскай санааны сааһылыыр хомуска сыыйа тардыытынан саҕаламмыта ураты суолталанна. Аркыастыр айымньылаах оонньуутун
Руслан Габышев кыл ох иэйиилээх матыыбынан доҕуһуоллаан, куту-сүрү бөҕөргөттө. Бу курдук биир сыанаҕа бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр идэтийбит аркыастырдара бэйэлэрин норуоттарын үнүстүрүмүөннэригэр үрдүк таһымнаахтык оонньоон,
тыыннаах дорҕоон дьүрүскэнэ, киһи омугуттан, итэҕэлиттэн тутулуга суох, дууһа уран утахтарын уһугуннарар дьикти күүс, чараас эйгэ, уйан иэйии буоларын өссө биирдэ мэктиэлээтилэр. Кини норуоту сомоҕолуур, дьоһун тирэхтиир, олоҕу тутар күүһэ үйэлээҕин бигэргэттилэр. Төрүт дорҕоон барахсан, тылбааһа суох, ханнык да харгыска, кыраныыссаҕа, олох эргииригэр бэриммэт сүдү күүс буолар иэйиитэ хас биирдии сүрэххэ бигэтик уйаланна.

Бэстибээл доҕордоһуу ичигэс эйгэтинэн, айымньылаах үлэҕэ кынаттыыр сырдык санаанан түмүктэннэ. Саҥа айар аартыкка бигэ суола уурулунна.

Альбина Тарабукина

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 76% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: