Креативнай кэлээскэлэр күрэстэстилэр

Креативнай кэлээскэлэр күрэстэстилэр

08.07.2024, 17:43
Хаартыска: "Якутск Вечерний".
Бөлөххө киир:

От ыйын 8 күнүгэр — Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнүгэр Дьокуускайга «Кэлээскэлэр парааттара» буолла.

Хаартыска: "Якутск Вечерний".

Бу параакка 6 саастарыгар диэри оҕолоох дьиэ кэргэттэр кытыннылар. Оҕолоругар көстүүм кэтэрдэн, кэлээскэлэрин тугу баҕаралларынан, санаалара хоторунан киэргэппиттэр.

Дьиэ кэргэттэр Киров уулуссатынан — цииркэ искибиэриттэн Комсомол болуоссатагыра диэри сэлэлээн  хаамтылар.

Сыл аайы ыытыллар буолан, бу куонкуруска төрөппүттэр олус бэркэ бэлэмнэнэллэр, кэлээскэлэри араастаан киэргэтэллэр. Эбээлэр-эһээлэр эмиэ көхтөөх кыттыыны ылаллар.  Көрүөххэ олус интэриэһинэй буолар.

Туох-туох суоҕуй, манна? Алааска тыллыбыт сибэккилэр, массыыналар, хараабыллар, остуоруйа кыыллара, киинэлэр дьоруойдара, бэл, киндер-сымыыт… Киһи фантазията муҥура суох.

Хаартыска: "Якутск Вечерний".

Кыайыылаахтары маннык номинацияларынан наҕараадалаатылар: «Дьиэ кэргэн аптаах каретата»; «Остуоруйа кэлээскэтэ»; «Чудо-техника»; «Сахалыы (нууччалыы, эбээннии) киэргэтиилээх кэлээскэ»;  «Сайыҥҥы фантазия»; «Спортивнай кэлээскэ»; «История: 100-летие ЯАССР»; «Мир фауны (или флоры)»;  «Инники олохтон кэлбит кэлээскэ»;  «Креативнай кэлээскэ».

Хаартыска: "Якутск Вечерний".

Маны тэҥэ, Дьиэ кэргэн күнүгэр Комсомольскай буолуоссакка 25-тэн тахса сыл олорбут ыаллары, саҥа сыбаайбалаабыт эдэрдэри чиэстээтилэр.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: