Куба тоҕо элбээтэ?

Куба тоҕо элбээтэ?

19.08.2023, 20:30
Хаартыска PXHERE.COM ылылынна
Бөлөххө киир:

Хоту дойдуга куба наһаа элбээтэ дииллэр. Тоҕо элбээбитин ыйыталлар. 

Ыйытыыга “Кыталык” национальнай паарка ыстаарсай научнай сотруднига Сергей Слепцов маннык эппиэттээтэ:

– Биһиги үлэлиир сирбитигэр “малый лебедь” эбэтэр “тундровый лебедь” диэн ааттанар куба баар. Кэнники 15-20 сыл иһигэр ахсаана элбээтэ. Мин бэйэм сабаҕалыырбынан, килиимэт уларыйан, үүнээйи аһылыктара элбээбититтэн буолуон сөп. Бэл, кэнники 4-5 оҕолоох кубалар көстөллөр. Ол аата аһылыктара тупсан, элбээн эрдэхтэрэ. Сорохтор кыыл таба аҕыйаан, куба элбээтэ дииллэр. Оннук буолбатах. Куба уйатыгар сымыыта тахсар кэмигэр олох тугу да аттыгар чугаһаппат идэлээх. Ону тэҥэ туундараҕа урукку сэбиэскэй кэм курдук элбэх киһи сылдьыбат (табаһыттар эҥин), тыаһаабат-ууһаабат. Онон эмиэ куба үөскүүрүгэр тоҕоос­тоох буолбута чахчы. Кыстыыр сиригэр (Кытайга эҥин) кубаны харыстыыр буоллулар быһыылаах. Ол эмиэ элбииригэр сабыдыаллыан сөп.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 ноября
  • -26°C
  • Ощущается: -26°Влажность: 76% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: