Салгыы
Култуура эйгэтигэр Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Култуура эйгэтигэр Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

17.01.2024, 09:30
Хаартыска: Людмила Попова.
Бөлөххө киир:

Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ былырыын дойду үрдүнэн биллэриллибит Педагог уонна уһуйааччы, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһини ыытта.

Бырабыыталыстыба 2-с нүөмэрдээх дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан үүнэр көлүөнэни муусука, ускуустуба кэрэ эйгэтигэр уһуйар дьон муһуннулар.

Култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноев былырыын М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы муусука кэллиэһэ төрүттэммитэ 75 сылын, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев тэрийбит Муусука үрдүкү оскуолата төрүттэммитэ 30 сылын бэлиэтээбиттэрин ахтан ааста.

Бу үөрэх кыһалара уонунан сыллар усталарыгар култуура, ускуустуба диэйэтэллэрин, хас даҕаны көлүөнэ мусукааннары, преподавателлэри, учууталлары иитэн таһаарбыттарын, билигин Саха сирин, Арассыыйаны суон сураҕырдар үгүс талааннаах артыыстар, мусукааннар тахсыбыттарын иһитиннэрдэ. “Оҕо муусукаҕа, ускуустубаҕа оскуолаларыгар үөрэммит үгүс көлүөнэ төһө даҕаны мусукаан, муусука учуутала буолбатахтарын иһин, муусука преподавателлэригэр, учууталларыгар уһуйуллан, муусукаҕа үөрэммиттэрин салайааччы быһыытынан бэлиэтиэхпин баҕарабын, киэн туттабын”, — диэн эттэ.

Педагог уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр күҥҥэ дьикти үчүгэй киһини, муусуканы, педагогу, уһуйааччыны, Арассыыйатааҕы классическай муусука үөрэҕин баһылаабыт, букатын эдэр сааһыгар Саха сиригэр ананан кэлбит уонна олоҕун бүтүннүү биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр муусука ускуустубата сайдарыгар анаабыт Полина Константиновна Розинскаяны ахтан ааста. Кинини кытта кэпсэппит, алтыспыт дьоллоохпун диэн бэлиэтээтэ.

“Эһиги үөрэппит-такайбыт, үөрэххитин, маастарыстыбаҕытын ааспыт хас биирдии үөрэнээччи дьоллооҕунан ааҕынар. Эһиги оҕону, ыччаты муусука, ускуустуба кэрэ эйгэтигэр сыһыараҕыт, сирдиигит”, — диэн миниистир эҕэрдэ тылыгар эттэ.

Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин профессиональнай ускуустубаҕа уонна духуобунай сайдыыга салаатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Майя Ермолаева: “2023 сыл хас биирдиибитигэр чаҕылхай, сэргэх сылынан буолла. Үөрэх, судаарыстыбаннай бэлиитикэ ыытар биир инники күөҥҥэ тутар хайысхатынан буолар”, — диэн ыйда. Итиэннэ ааспыт сыл сүрүн ситиһиилэрин, туох үлэ ыытыллыбытын билиһиннэрдэ. Ол курдук, былырыын оҕо ускуустубатын 9 оскуолата “Култуура” национальнай бырайыак иитинэн муусука саҥа үстүрүмүөннэринэн, тэрилинэн, үөрэх матырыйаалларынан хааччыллыбыттар. Ону сэргэ, үс оҕо ускуустубатын оскуолатыгар хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллубут. Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба, Дьокуускайдааҕы ойуулуур-дьүһүннүүр ускуустуба кэллиэстэригэр креативнай индустрия оскуолаларын тэрийиигэ 47,5 мөл. солк. субсидия көрүллүбүт. Оҕолорго аналлаах “Чыпчаал” айар лабаратыарыйа инновационнай бырайыак үлэлиир. Сайынын айар лабаратыарыйа лааҕырдарынан култуура бэрэстэбиитэллэрин, биллэр-көстөр артыыстары кытта көрсүһүүлэри тэрийбит, хайысхаларынан маастар кылаастары ыыппыт. Преподавателлэргэ араас сэминээрдэри тэрийбиттэр, үөрэтэр-мэтэдиичэскэй матырыйааллары хомуйан таһаарбыттар, уо.д.а. тэрээһиннэри ыыппыттар.

Бу күн бастыҥтан бастыҥ үлэлээх, ситиһиилээх преподавателлэргэ, уһуйааччыларга, учууталларга үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалары туттардылар. Манна даҕатан эттэххэ, Педагог уонна уһуйааччы сылынан “СӨ култуура уонна ускуустуба эйгэтигэр үөрэххэ кылааттарын иһин” биэдэмэстибэннэй саҥа бэлиэни олохтообуттар.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 октября
  • -7°C
  • Ощущается: -13°Влажность: 79% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: