Кулун тутар 2 күнэ — Бүтүн аан дойдутааҕы кулгаах чөл туругун уонна истиини харыстыыр күн

Share

Бүгүн, кулун тутар 2 күнүгэр,  Бүтүн аан дойдутааҕы кулгаах чөл туругун уонна истиини харыстыыр күн.

Быйыл Бүтүн аан дойдутааҕы кулгаах чөл туругун уонна истиини харыстыыр күн уопсастыбаҕа кулгаах ыарыытын кыһалҕаларыгар уонна нэһилиэнньэ, ол иһигэр мэдиссиинэ үлэһиттэрин ортолоругар кырдьыктаах информацияны тарҕатыыга туһуланар.

Бу хайысхаҕа Саха сирэ бэйэтэ туспа ситиһиилэрдээх. Ол курдук,  доруобуйа харыстабылын устуоруйатыгар 2018 с. алтынньы 13 күнэ биир бэлиэ даатанан киирбитэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа — Суһал мэдиссиинэ көмөтүн киинигэр улахан дьон кулгаахтарын чөлүгэр түһэриигэ үс эпэрээссийэ ситиһиилээхтик оҥоһуллубута. Ити кэмтэн ыла өрөспүүбүлүкэҕэ ыарыһахтарга кохлеарнай имплант матырыйаалынан хааччыйыы, ыарыһахтары чөлүгэр түһэрии бүгүҥҥү күҥҥэ диэри тохтоло суох ыытыллар.

Бэлиэтээн эттэххэ, сыл ахсын дойду үрдүнэн кулгаахтарынан истибэт оҕолору уонна улахан дьону кохлеарнай имплант матырыйаалынан хааччыйыы боппуруоһа  уустугуран иһэр уонна быһаарыыны эрэйэр. СӨ Ил Дархана Айсен Николаев кулгаахтарынан истибэт оҕолору уонна улахан дьону кохлеарнай имплант матырыйаалынан хааччыйарга федеральнай сокуоҥҥа уонна аахталарга уларытыылары киллэрэргэ ордук болҕомтотун уурар.

Санаттахха, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо кохлеарнай имплант матырыйаалынан хааччыйыы ОМС суотугар оҥоһуллар. Эпэрээссийэҕэ ыарыылары чинчийии Мэдииссинэ национальнай киинин 1 № дээх Сурдологическай киин өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһаҕа ыытыллар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

6 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

6 часов ago