Салгыы
Куприяновтар – көхтөөх ыал

Куприяновтар – көхтөөх ыал

02.02.2024, 17:30
Дьиэ кэргэн архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Хочо бөһүөлэгэр кэккэ сылларга эдэр ыаллар саҥа дьиэ туттан, олохсуйар буолбуттара киһини үөрдэр эрэ. Мин бүгүн кэпсиэхтээх эдэр ыалым — Куприяновтар. Дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Хочоҕо төрөөбүт-үөскээбит Куприянов Николай Васильевич — норуодунай артыыс  Ефремов Афанасий Егорович аатынан култуура киинин дириэктэрэ. Кэргэнэ, Таатта кыыһа — Куприянова Туяра Олеговна, олохтоох оскуола алын кылааһын учуутала.

Туяралаах Коля Дьокуускай куоракка устудьуоннуу сылдьан билсэн, хардарыта сөбүлэһэн, дьоллорун холбоон ыал буолбуттара. Ити 2005 сыллаахха этэ. Ол кэмтэн ыла 19 сыл ааспыт эбит.

Билигин кинилэр 3 оҕолоох улахан дьиэ кэргэн үлэ — хамнас үөһүгэр сылдьаллар, саҥа дьиэ тутуннулар, нэһилиэк уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар.

Николай Васильевич,  култуура киинин салайааччыта буолан, нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэри иилиир-саҕалыыр, гитаранан ыллыыр,  ВИАны тэрийэн үлэлэтэр, мелодист быһыытынан биллэр, кылгас метражтаах киинэни устар, хаартыскаҕа түһэрэр. Улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күөн күрэстэргэ кыттан, дипломант, лауреат аатын ылар, гран при хаһаайына буолар. Биллиилээх мелодист Чүмэчи кэриэһигэр анаан туруоруллубут мюзиклга Чүмэчи оруолун толорон, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ биһирэммитэ.

Дьиэ кэргэн ийэтэ Туяра Олеговна Наахара оскуолатыгар үлэтин муусука учууталынан саҕалаабыта. 2013 сыллаахха ХИФУ пединститутун бүтэриэҕиттэн алын кылаас учууталынан таһаарыылаахтык үлэлиир. Кини үөрэтэр оҕолоро кустовой, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи араас күрэстэргэ,

олимпиадаларга, ааҕыыларга кыттан, элбэх ситиһиилээхтэр.

Т. О. Куприянова бэйэтэ «Молодой учитель», «Сельский учитель» күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта, «Кийиит хотунунаан» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ хотунунаан Ульяна Саввичналыын кыттаннар, кыайыылаах буолбуттара.

Наахара кийиитэ Туяра Куприянова, хайа күн кийиит буолан кэлиэҕиттэн, оскуола, нэһилиэк олоҕор көхтөөхтүк кыттар. Уус-уран самодеятельность биир тутаах киһитэ: ыллыыр, үҥкүүлүүр, «Дьүөгэлиилэр» вокальнай ансаамбыл чилиэнэ.

Улахан кыыстара Алина — 11 кылаас үөрэнээччитэ, «Тэтим» оҕо тэрилтэтин биир көхтөөх чилиэнэ. Күнчээн» уһуйааҥҥа сылдьыаҕыттан, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Никаноров Николай Иванович салайар «Дьэргэлгэн» вокальнай ансаамбылыгар дьарыктанар. Кини үгүс күрэхтэргэ кыттан дипломант, лауреат, гран при хаһаайката («Дьэргэлгэн» ансаамбыл 2023 сылга оҕо образцовай ансаамбылын аатын ылла).

Кыра кыыс Анжелина алтыска үөрэнэр, » Тэтим» оҕо тэрилтэтин актыбыыһа, волейболлуурун , оҕуруону тиһэрин сөбүлүүр, ааҕыыларга кыттар.

Кыракый мурун бүөтэ уолчааннара Саша «Күнчээн» уһуйааҥҥа сылдьар, оонньуурун, сүүрэрин-көтөрүн,кинигэни көрөрүн сөбүлүүр.

Кэргэннии Куприяновтар сылын аайы Мэҥэҕэ ыытыллар култуура уонна успуорт эстэпиэтэтигэр солонан, дуэтынан ыллыыллар, испэктээххэ оонньууллар.

Норуот эмчитэ Егорова Александра Петровна «Алгыстаах айан» бырайыагар кыттан, араас улуустарынан айанныыллар.

Куприяновтар сайынын күргүөмүнэн от үлэтигэр кытталлар, айылҕаҕа сынньаналларын, сир астыылларын сөбүлүүллэр, бэйэлэрин уонна аймах оҕолорго үлэ — сынньалаҥ лааҕырын тэрийэллэр.

Ити курдук барыга көхтөөх Куприяновтар дьиэ кэргэн олох үөһүнэн сылдьан, айар — тутар, инникигэ хардыылыыр!

Елена Прокопьева, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн.

+1
9
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -41°Влажность: 68% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: