Куртах-оһоҕос үчүгэй туруктаах буоларыгар 5 хардыы

Куртах-оһоҕос үчүгэй туруктаах буоларыгар 5 хардыы

02.08.2024, 17:00
Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, кырках (изжога), ис үллэрэ уонна аҕынньы төллөрө киһи күннээҕи туругар мэһэйдииллэрин ааһан, куртах уонна оһоҕос сыыһа үлэлииллэрин биллэрэллэр.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1 №-дээх балыыһа-М.Н.Николаев аатынан Мэдиссиинэ национальнай киинин диетологтарын сүбэлэрин билсиэҕиҥ.

Аһыыр эрэһиими тутуһуох

Сарсыардааҥҥы уонна эбиэт аһылыгын хааман иһэн хабыалыыр туһунан умун, аһыыр кэмҥэр ыксаама, итии аһылык хайаан да баар буолуохтааҕын умнума. Наар биир бириэмэҕэ аһыыр үөрүйэх куртахха ас сөпкө уонна түргэнник  буһарыгар көмөлөөх.

Саахары аҕыйатыахха

Саахар куртах-оһоҕос трагар  аһылык көөнньүүтүгэр тириэрдэр. Ол туһалаах биэсэстибэлэри иҥэриниини мөлтөтөр уонна куртах микрофлоратын баланса кэһиллэр. Минньигэс аһылык кэнниттэн сотору буолан баран ис үллэрэ — ол аата бэйэҥ туруккар уларыйыы тахсыбытын төрүөтэ.

“Доруобайа суох” аһылыгы аҕыйатыах

Ыыһаммыт астары, сытыы амтаннаах тумалары, арыылаах уонна аһара аһыы бүлүүдэлэри, гаастаах утахтары, кофены уонна кофеиннаах бородуукталары куртах ыарырҕатыан сөп. Онон ас куртахха үчүгэйдик буһарын туһугар сыалаах-арыылаах бүлүүдэлэри  оргуйбут эбэтэр бэйэтин симэһинигэр буспут  аһылыгынан солбуйуохха сөп. Элбэхтик оҕуруот аһын сиэ (бэйэтинэн эбэтэр паарга оргутуллубуту).

Элбэхтик хамсаныах

Хамсаныы – олох. Онон эт-сиин ноҕуруускаланара быһыыны-таһааны эрэ буолбакка, ас-үөл буһарын тупсарар. Сатыы хаамыы, бэлэсипиэти тэбии, салгыҥҥа хамсаныылаах  оонньуулар  түмүктэригэр хаан эргиирэ, ол иһигэр аһы буһарар систиэмэ уорганнара, тупсаллар. Ол аата куртах-оһоҕос трагын функциялара бары чиҥ туруктана түһэллэр, куртахха ас үчүгэйдик буһар.

Куһаҕан дьаллыктартан букатыннаахтык аккаастаныах

Табаҕы тардыы, испиирдээх утахтары иһии уонна куртахха ас буһуута туох ситимнээхтэрий дии саныахха сөп.  Дьиҥэр, быһаччы ситимнээхтэр: табаах буруотун уонна испиирдээх утахтар компоненнарыттан сылтаан,   куртах-оһоҕос трагар иҥэмтиэлээх биэсэстибэлэри иҥэринии “хаамыыта” кэһиллэр. Ону таһынан ити биэсэстибэлэр токсическай дьайыылаахтар уонна аһара табахтааһыҥҥа, арыгыны иһиигэ куртах уонна оһоҕос салыҥнаах бүрүөлэрэ толорор функциялара кэһиллэллэр. Онон, куһаҕан дьаллыктартан аккаастаныы – ас-үөл куртахха үчүгэйдик буһарыгар өссө биир хардыы.

Манна даҕатан эттэххэ, Мэдиссиинэ национальнай киинигэр эмтэнээччилэргэ 16 эмтээх диетанан анал эмтиир аһылык көрүллэр, оттон балыыһаҕа сылдьааччыларга уонна үлэһиттэргэ  Сиэрбис сулууспаларын диетическай менюлара туһаныллар.

Диетологтар  аһылык култууратыгар уонна эрэһиимигэр ураты болҕомтону уурарга сүбэлииллэр.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -27°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: