Кыадаҥдаҕа Гавриил Чиряевы биир дойдулаахтара ахтан-санаан аастылар

Share

Бүгүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит үөрүүлээх күнүн, Бүлүү улууһун Чочу уонна Кыадаҥда нэһилиэгин олохтоохторо сарсыардаттан олох уратытык бэлиэтээн саҕалаатылар.

Биһиги Кыадаҥдаҕа тиийиибитигэр дьон «билигин массыыналар параадтаан кэлиэхтэрэ» дии көрүстүлэр. Кинилэр үөрүүлээх сонуннарын кэпсии тоһуйдулар.

Сотору буолаат, массыыналар көһүннүлэр.

Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэлэ Гавриил Чиряев төрөөбүт дойдутугар, кини үтүө аатыгар сүгүрүйэр, чиэстиир үөрүүлээх миитиннэрэ буолла.Тыа сирин олохтоохторо ССКП Саха уобаластааҕы кэмитиэтин 17 сыл салайан, Саха сирин сайдыытын түстэспит киэн туттар, ытыктыыр биир дойдулаахтарын өрүү ахта-саныы, махтана сылдьаллар. Муус устар 4 күнүгэр чочулар уонна кыадаҥдалар Гавриил Иосифович Чиряев төрөөбүтэ 98 сааһын бэлиэтээн ааспыттар.
«Чочу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Петр Догоюсов эҕэрдэ тылыгар Саха сирин судаарыстыбаннаһын төрүттээбит дьону истиҥ тылынан аҕынна.

Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччы Иван Евсеев эҕэрдэ тылыгар Гаврил Иосифович Чиряев Саха сирэ сайдыытыгар кылаатын бэлиэтээтэ.

Миитин кыттыылаахтара Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бигэ туруктаах, тирэхтээх буолуутугар сүҥкэн кылаатын, олоҕун чаҕылхай күннэрин анаабыт биир дойдулаахтарыгар, саха саарына, биллиилээх бэлитиичэскэй уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Гаврил Чиряев пааматынньыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн уонна гирлянда уурдулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга 4 сулустаах гостиница тутуллуоҕа

Дьокуускай куорат киинигэр, Чернышевскай уулуссатыгар 12 этээстээх аныгы гостиница тутуллуоҕа. Бу туһунан Ил Дархан "РИК"…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Баччаларга сэрэнэн-сэрбэнэн, чуумпутук сылдьарбыт

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

32 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

42 минуты ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

2 часа ago