СИА хаартыската
Киэһэ өр иистэнэн, хойукка диэри тэлэбииһэр көрөн, кинигэ ааҕан баран, киһи уута кэлиминэ эрэйдэнэр.
Аанньа утуйбатах киһи сарсыарда нэһиилэ туран үлэлии барар. Киһи түүн ортотугар диэри утуйбут уута саамай туһалаах. Ол иһин киэһэ 22.30 ч. хойутаабакка утуйарга дьулуһуҥ.
Утуйар хоһу салгылатан, эбэтэр сылаас кэмҥэ түннүк бордууһунатын аһан баран утуйуллуохтаах. Утуйаары сытан кинигэ аахтахха, эбэтэр олус долгутуулаах киинэни көрдөххө, киһи уута алдьанар. Түүн утуйарга кэтэр таҥас бэйэҕэ табыгастаах, сымнаҕас буолуохтаах. Утутар эми иһэ охсорго дьулуһумаҥ. Эмкэ үөрэнэн хааллаххытына кэлин онто суох сатаан утуйбат буолан хаалыаххытын сөп.
Кыайан утуйбат киһи киэһэ ороҥҥо сытыан иннинэ 1 ч.нь. мүөттээх 1 ыстакаан сылаас үүтү иһэрэ ордук. Ону таһынан утуйуох иннинэ таһырдьа тахсан чаас аҥаара оргууй аҕай хаамар, күүлэйдиир олус туһалаах.
Саха ыалын халандаарыттан, 2015 с.
Сааҥсыйалар күүһүрбүт кэмнэригэр даҕаны өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтэ туруктаах диэн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайыытыгар…
Ил Дархан Айсен Николаев бүгүн Ил Түмэҥҥэ этиитигэр аҕа көлүөнэ бойобуой үгэстэрин байыаннай дьайыыга сылдьар…
Саха сиригэр 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киириэхтээх олохтоох бэйэни салайыныы туһунан сокуон ылылынна.…
Ил Дархан бүгүн, ахсынньы 23 күнүгэр, Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин оҥордо. Кини 2026 сылы Култуура…
Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр иһитиннэрдэ. --Быйыл тутуу үлэтигэр,…
Ахсынньы 23 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн дьокутааттарыгар туһаайан этиитэ саҕаланна. Кини бу…