Салгыы
«Кыайыы! Кыайыы!» Көрбүөччү Мари Сырдык Күүс 2024 сылы билгэлээтэ

«Кыайыы! Кыайыы!» Көрбүөччү Мари Сырдык Күүс 2024 сылы билгэлээтэ

25.12.2023, 22:19
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн
Бөлөххө киир:

Көрбүөччү, урбаанньыт  Мария Кононова-Сырдык Күүс 2024 сыллааҕы билгэтин таһаарда. Санатар буоллахха, кини икки сыл устата Саҥа дьыл иннигэр таһаарбыт билгэтиттэн, үгүс өттө туолбута.

Дьэ, үүнэр сылга аан дойдуну туох күүтэр эбитий? Бу билгэлээһин 2025 сылга эмиэ кыратык сыһыаннаах эбит.

Бэлиитикэҕэ:

— Бэлиитикэ эйгэтигэр тыҥааһын улаатар, эргэ саҥаны кыайыаҕа. Онтон эргэ чугуйар, саҥа кэлэр, ол эрээри, иһинээҕитэ син биир эргэ курдук.

— Улахан утарыта турсуулар, долгуйуулар кэмнэрэ. Хайдах эрэ маҥан-халлаан күөх былаахтар тэлимнииллэрин көрөбүн, ханныктарын билбэппин. Ытыалаһыы буолар.

— Улахан бырааһынньык буолар, урут ССРС кэминээҕи курдук. Бары дьоллоноллор, үөрэллэр. Куһаҕан барыта бүтэр! Кыайыы! Кыайыы!

Геобэлиитикэҕэ:

— Саҥа байыаннай холбоһук үөскүүр, элбэх кураанах тыл этиллэр, докумуоҥҥа илии баттаһаллар, илии тутуһаллар.

— Арҕаа уонна илин диэки улахан байыаннай үөрэхтэр буолаллар.

Экэниэмикэҕэ:

— Кириисис буолар, сыана былырыыҥҥытааҕар үрдүүр. Урут эмиэ суруйбутум.

— Сорох эрэгийиэннэргэ ипотекаҕа кириисис буолар, “хабах уруккуттан үллэн турар” дииллэрин истэбин.

— Буруйу оҥоруу хонтуруолтан тахсар, баандалар, бөлөхтөр үөскүүллэр.

— Бары эйгэҕэ нолуок үрдүүр.

— Хамнас уонна араас төлөбүрдэр эмиэ үрдүүллэр.

Экологияҕа:

— Кураан буолар, тыал түһэр. Сорох сири уу ылар. Килиимэт кыһалҕата салҕанар.

— Биһиэхэ уонна атын эрэгийиэннэргэ баһаардар буолаллар, элбэх буруону көрөбүн.

— 9 баалга тиийэр сир хамсааһына буолар.

— Дьикти, былыргы вирус кыыллары “атаакалыыр”.

— Инопланетяниннар кэлиэхтэрэ, көрсөргө бэлэмнэниҥ)).

 

Үтүө сонуннартан:

-Саҥа тэрилтэлэр аһыллыахтара, бырамыысыланнас, технология сайдыаҕа.

— Олох таһыма, сайдыыта үрдүөҕэ, ол үөрдэр. Саҥа инфраструктурнай, инновационнай тутуулар уонна экэниэмикэҕэ саҥардыллыы буолуоҕа.

(Ааптар хайдах суруйбутунан, тылбаастанна).

+1
180
+1
20
+1
18
+1
11
+1
30
+1
23
+1
45
Бары сонуннар
Салгыы
28 апреля
  • -7°C
  • Ощущается: -14°Влажность: 68% Скорость ветра: 8 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: