Кыбартыыра сыаната: мантан сайын хайдах буолуой?

Кыбартыыра сыаната: мантан сайын хайдах буолуой?

03.06.2023, 09:00
Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куоракка дьиэ-уот сыаната сыл ахсын үрдээн иһэр диэн риелтордар этэллэр. Сүрүннээн сыана үрдээһинэ саҥа таас дьиэлэргэ бэлиэтэнэр. Бу туохтан сылтаан тахсарын уонна билигин киин куоракка кыбартыыра сыаната төһө буолбутун билээри, исписэлиистэри кытта кэпсэттибит.

САҤА ДЬИЭЛЭРГЭ

“Meline” хамсаабат баай-­дуол ааҕыныстыбатын дириэктэрэ, юрист Саргылана Акимова этэринэн, элбэх кыбартыыралаах саҥа дьиэлэргэ сыана үрдээһинэ судаарыстыбаннай көҕүлээһиннээх кирэдьииттиир бырагыраамалар элбээбиттэрин кытта сибээс­тээх. Чэпчэтиилээх ипотекалар (Уһук Илиҥҥи, дьиэ кэргэн уо.д.а) олоххо киирэннэр, дьон саҥа дьиэҕэ кыбартыыра ылара элбээбит. Онон билигин саҥа дьиэлэргэ наадыйыы (спрос) улаатан турар.

“Саҥа дьиэҕэ кыбартыыра сыаната ханна турарыттан, хас хостооҕуттан (биир хос­тоох дьиэ кв. миэтэрэтин сыаната ыарахан буолар, оттон 2-3 хостоох быдан чэпчэки, дьиэ үлэҕэ хаһан киирэриттэн (саҥа тутуллан эрэр дьиэ сыаната чэпчэки) уонна ханнык хампаанньа тутарыттан тутулуктаах. Биллэрин курдук, куорат киин уулуссаларыгар сыана быдан ыарахан, оттон Сайсары, Автодорожнай, Ильменскай курдук ыраах сытар сирдэргэ арыый чэпчэки”, – диэн Саргылана Акимова бэлиэтээтэ.

Ол курдук, билиҥҥи туругунан Дьокуускайга саҥа дьиэ­ҕэ кыбартыыра 1 кв. миэтэрэтэ 120 тыһ. солк. саҕаланан 168 тыһ. солк. тиийэр. Саха сиригэр киэҥник биллэр-көстөр “Утум”, “Сэттэ” курдук хампаанньалар саҥа тутуллар дьиэлэригэр 1 кв. м сыаната 128-130 тыһ. солк. саҕалаан 168 тыһ. солк. тиийэр. Исписэлиис этэринэн бу дьиэлэр сыаналара билигин куорат үрдүнэн саамай үрдүктэр. Оттон “ДСК”, “Высота”, “Прометей” курдук хампаанньаларга дьиэ сыаната, ортотунан, ылахха 1 кв. миэтэрэтэ 120 тыһ. солк. саҕаланар.

ИККИС ЫРЫЫНАККА

Иккис ырыынакка бүгүҥҥү күҥҥэ кыбартыыра сыаната улаханнык уларыйбатах. Сыана дьиэ ханна турарыттан, хас сыллаахха тутуллубутуттан, өрөмүөнүттэн, хаһыс этээскэ баарыттан, ону таһынан кыбартыыра атыылыыр дьон ханнык бытовой тиэхиньикэни хаалларалларыттан тутулуктаах.

Дьокуускай куорат киин уулуссаларыгар биир хос­тоох КПД дьиэҕэ 1 кв. миэтэрэтэ, ортотунан, 135-145 тыh. солк. буолан турар. Оттон биир хостоох 112-с сиэрийэлээх дьиэ­лэргэ 140 тыһ. солк. саҕалаан 190 тыһ. солк. тиийэллэр.

Исписэлиис эрдэ бэлиэтээбитин курдук, 3-4 хостоох кыбартыыраларга 1 кв.м. сыаната чэпчэки. Холобур, куорат киинигэр 3-4 хостоох КПД дьиэ кв.миэтэрэтэ 100-130 тыh. солк., 112-с сиэрийэлээх дьиэлэргэ — 100-150 тыh. солк.

Куорат кииниттэн тэйиччи турар КПД дьиэҕэ 1 кв.м. сыаната 100-110 тыһ. солк. саҕаланар. 112-с сиэрийэлээх дьиэҕэ, ортотунан, 120 тыһ. солк.

САЙЫН СЫАНА ЧЭПЧИЭН СӨП

Саҥа дьиэлэргэ кыбартыыра сыаната бу сайын чэпчиэн сөп диэн хамсаабат баай-дуол атыытынан дьарыктанар эс­­пиэр, “Правовой центр недвижимости” риелторскай хампаанньа дириэктэрэ Аркадий Назаров этэр. Кини бэлиэтээбитинэн, дьон сайын кыбартыыра оннугар учаастак атыылаһара быдан элбэх.

“Сайын дьон үксэ чааһынай дьиэ туттар. Билигин Уһук Илиҥҥи ипотека суумата – 6 мөл. солк. Бу көрүллэр үпкэ биир кыбартыыралаах, өрөмүөнэ суох, эһиил биирдэ киирэр дьиэни ылыахха эбэтэр учаастак ылан, чааһынай дьиэ туттуохха сөп. Онон дьон чааһынай дьиэ талара быдан элбэх”, – диэн кини этэр.

Ону таһынан, биһиги нэ­­һилиэнньэбит ахсаана улахана суох. Бүгүн куоракка барыта 25 саҥа дьиэ баар, өссө 5 үлэҕэ киириэхтээх. Сайын устата манна үлэ күүстээхтик барыаҕа. Саҥа дьиэлэр атыыга таҕыстахтарына, сыана эмиэ түһүөн сөп.

КЫБАРТЫЫРА СЫАНАТЫН ТЭҤНЭЭҺИН

Саҥа тутуллар дьиэлэргэ кыбартыыра сыаната салгыы улааппатын туһугар өрөспүүбүлүкэҕэ тустаах үлэ ыытыллар. Бу туһунан Саха сирин тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов социальнай ситимнэргэ быһа эпиир кэмигэр бэлиэтээн эппитэ.

Ол курдук, дьон саҥа дьиэҕэ наадыйыытын толороору уонна хамсаабат баай-­дуол сыанатын тэҥнээри, билигин Дьокуускай куорат аттыгар баар территориялары урутаан сайыннарар бырайыага олоххо киирэр. Билигин бу бырайыак чэрчитинэн куоракка “Звезднай” түөлбэ тутулла турар. Манна уопсайа, 50-тан тахса элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах. Күн бүгүн сэттэ эбийиэк үлэҕэ киирэн, түөлбэ бастакы олохтоохторо күлүүстэрин ылбыттара.

“«Звезднай» — киин куорат сайдыытын биир сүрүн хайысхата. Тутуу манна кэлимник ыытыллыаҕа. Ол курдук, манна 1980 миэстэлээх икки ос­­куола, 690 миэстэлээх икки оҕо саада, симиэнэҕэ 600 киһи сылдьар поликлиника, сабыылаах каток, супермаркет арааһа баар буо­луоҕа”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев “Звезднай” түөлбэ тутуутун бэрэбиэркэтин кэмигэр бэлиэтээбитэ.

Ону таһынан, быйыл “Спортивнай” микро-оройуон тутуллуутун туһунан быһаарыы ылылынна. Бу оройуон 2-с, 4-с уонна 17-с кыбартааллар миэстэлэригэр уон сыл иһигэр тутуллан киириэхтээх диэн былааннанар. Манна барыта 6 уонна 12 этээстээх 50 саҥа дьиэ тутуллуоҕа. Ону таһынан, оҕо уһуйаана, икки оскуола, үгүс хайысхалаах спортивнай саала үлэҕэ киириэхтэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -33°C
  • Ощущается: -40°Влажность: 75% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: