Күөх сайын оройо, оҕо сынньалаҥын үгэнэ
Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгэр быйыл 17-с сылын “Мандар Уус кыһата” лааҕыр от ыйын 1 күнүттэн үлэтин саҕалаата. Лааҕыр 21 хонуктаах, 20 уол тимиринэн уһанарга, быһах охсорго үөрэнэ кэлбиттэр.
Лааҕыр салайааччыта Прасковья Бурнашова кэпсээбитинэн, лааҕыр иитиллээччилэрэ өбүгэ төрүт үгэстэригэр үөрэниэхтэрэ, ытык киһи Борис Неустроев-Мандар Уус ыллыктаах тылын-өһүн, түмэл дириэктэрэ Николай Егоров лиэксийэтин, экскурсовод Ольга Макарова кэпсээнин истиэхтэрэ.
Баайаҕаҕа Мандар Уус туруортарбыт Моҕол ураһата баар, ону көрө-истэ элбэх киһи кэлэр. Аҕыйах хонуктааҕыта “Чороон 21 үйэ” тэрилтэ кэлэн барбыт, бэҕэһээ СӨ Оҕо сылын дирекциятын начаалынньыга Антонина Яковлева, Дьааҥы улууһун Дулҕалаах орто оскуолатын психолога Валентина Ноговицына сылдьыбыттар.
“Мандар Уус кыһатыгар” иккис-үһүс сылларын анаан-минээн кэлэр оҕолор бааллар. “Баҕалаах оҕо элбэх, быйыл улахан уолаттары ыллыбыт. Быһах охсуутугар күүс наада”, — диир Прасковья Петровна.
Мантан сайын “Мандар Уус кыһата” лааҕыр базатыгар “Айыы Кыһата” оскуола, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээт, Дьокуускайдааҕы 12 №-дээх оскуола, Хатылаевтар “Төрүт дорҕоон” бөлөхтөрүн оҕолоро кэлэн сынньаныахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: