Салгыы
Күөл үрдүнэн канаатынан хаамыы көһөрүлүннэ дуо?

Күөл үрдүнэн канаатынан хаамыы көһөрүлүннэ дуо?

04.07.2024, 16:17
Хаартыска: А.Тарасов.
Бөлөххө киир:

Бүгүн, от ыйын 4 күнүгэр, Дьокуускайга ураты көстүү —  күөл үрдүнэн тардыллыбыт канаатынан цииркэ артыыһа хаамыахтаах этэ. Социальнай ситимнэргэ «күүстээх тыал түспүтүнэн, шоуну көһөрбүттэр үһү» диэн суруйуу тарҕанна. Бу чахчы дуо?

— «МАМОНТенок» норуоттар икки ардыларынааҕы цииркэ бэстибээлин чэрчитинэн ыытыллар, бүгүҥҥү «На грани реальности и фантастики» перфоманс көһөрүллүбэт. Болдьоммут кэмигэр буолуоҕа, — диэн Марфа, Сергей Расторгуевтар ааттарынан Судаарыстыбаннай цииркэ рекламаҕа отделын салайааччы Людмила Заболоцкая иһитиннэрдэ.

Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтэ биллэрбитинэн, Дьокуускайга от ыйын 4 күнүгэр 15-20 м/с түргэннээх тыаллаах, 19-20 кыраадыс сылаас.

Бүгүн тоҕо эрэ сарсыардаттан күүстээх тыал түстэ. Киэһэлик тыала намырыа диэн күүтэллэр эрээри, билиҥҥитэ тохтуох быһыыта суох.

Санатар буоллахха, эквилибрист уу үрдүнэн уонча миэтэрэ үрдүгүнэн тардыллыбыт канаатынан туох да страховката суох, уһун ураҕаһы туппутунан, хаамыахтаах. Аһаҕас халлаан анныгар буолан, бу кутталлаах «трюк» туолара тыалтан, ардахтан улахан тутулуктаах.

Дьэ, айылҕа анаабытын курдук, улахан тургутуу буолсу. Цииркэ артыыһа бу тургутууну ааһыа дуу, суох дуу? Киэһэ 8 чааска Таалай күөлгэ кэлэн көрөөрүҥ! 

+1
8
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 декабря
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: