Кыһалҕалаахха көмөлөһөр – саха үтүө үгэһэ
Кыһалҕалаахха көмөлөһөр, ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр амарах майгылаах, сайдам санаалаах сахалар буолбатах этибит дуо?
Ааспыт өрөбүллэргэ Дьокуускай куорат ойуур баһаардарыттан буруонан бүрүллэн турдаҕына, эрэдээксийэ сорудаҕынан «Сатал» түөлбэҕэ олорор Саргылаана уонна Леонид Охлопковтарга тиийэ сырыттым. Охлопковтар сабыс-саҥа туттан сыл эрэ курдук олорбут дьиэлэрэ бу саас ыам ыйын 29 күнүгэр уокка былдьанан, күл-көмөр буолан, күдэҥҥэ көппүтэ.
Ол сирдэригэр билигин норуот көмөтүнэн саҥа дьиэ тутуллан эрэр. Кыстыгы баттаһа дьиэ тутуллан бүтэн, киириэхтээхтэр. Дьиэ аттыгар балаакка, массыына тураллар, тутуу матырыйааллара кыстанан сыталлар. Өрөбүл буолан тутааччылар бүгүн суохтар дуу дии санаабытым, дьонум тутулла турар дьиэ иһигэр эбиэттии олороллор эбит. Саргылаана Егоровнаны көрсөн, тутуу хайдах баран иһэрин билистим.
Кинилэр умайбыт дьиэлэрин дьиэ кэргэннэригэр икки инбэлииттээхтэрин иһин, сокуонунан көрүллэн, социальнайдар 2 мөл. солк. үп биэрбиттэринэн туттубуттар эбит. 2012 сылтан Дьокуускай куорат араас муннугун барытын кэрийэн, дьиэ арендалаан олорбут дьоҥҥо саҥа дьиэни туттан киирии тугунан да кэмнэммэт үөрүү буоллаҕа. Онтулара сыл эрэ буолаат умайан, эмиэ эрэйгэ тэптэҕэ.
«Үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн үп хомуллан сип-панелынан дьиэбит холлоҕоһо тутуллан бүтэн эрэр. Быйыл күһүөрү кыһын киирэрдии туруна сылдьабыт. Кылгас кэмҥэ олорорго социальнайдартан дьиэ көрдөөбүппүт, көмөҕүтүн ылбыккыт диэн аккаастаабыттара. Онон сайыны быһа балааккаҕа олордубут. Күнүс сылаас, түүнүн тымныы буолла, онон билигин тутулла турар дьиэбит биир хоһун түннүгүн-үөлэһин сабан онно хонобут, сылаас. Дьиэтэ суох хаалааппытын кытары «Эдэр гвардия» оҕолоро тута көмөҕө кэлбиттэрэ. Үлэ күнүгэр 5-6 уол кэлэн күн аайы өрөбүлэ суох үлэлиир, өрөбүллэргэ иккилии киһи эбэһээт кэлэн үлэлэһэр. Онон уолаттар абыраатылар ахан. Дьиэбитин кинилэр тутуһа сылдьаллар. Дьиэ үрдэ, кырыыһата, ис бараанын оҥоруу хаалла. Көмөлөһүөн баҕалаах дьон элбэх, кэлэн кырааскаҕа, бөҕү-саҕы хомуйууга кыттыһыан баҕалаахтар да бааллар», – диэн кэпсиир Саргылаана Егоровна.
“Дьон көмөтө, истиҥ сыһыана салгыы олорорго, үлэлииргэ-хамсыырга кынаттыыр. Бар дьоммор истиҥ махталбытын тиэрдэбит”
Кыыс хорсун буолан…
Кылгастык Охлопковтар дьиэлэрэ хайдах уокка былдьаммытын санатан ааһыам. Ыам ыйын бүтүүтэ, ылааҥы күннэр сатыылаан турдахтарына, эмискэ биир күн этиҥ эппитинии, бу ыал олоҕор алдьархай ааҥнаабыта. Былырыын эрэ саҥа туттан киирбит дьиэлэрэ эмискэ умайан, ыал аҕа баһылыга уонна кыра кыыстара нэһиилэ быыһаммыттарыгар махтал.
Охлопковтар элбэх оҕолоох ыал, түөрт кэрэчээн кыыстаахтар. Кинилэр бу дьиэҕэ икки кыраларын кытары олорбуттара. Аҕалара Леонид кэлээскэнэн сылдьар инбэлиит, икки атаҕа суох, 18 саастаах орто кыыс эмиэ оҕо эрдэҕиттэн ыарыһах, инбэлиит, кыра кыыс 15 саастаах.
Баһаар хараастан саҕаламмыт, ол кэмҥэ дьиэҕэ кыра кыыһы кытта аҕалара баар эбит. Официальнайа суох дааннайынан, уот эмискэ күүрүүтүттэн уот турбут. Уот дьиэҕэ киирбитин көрөөт кыра кыыс эр санааны ылынан, аҕатын көхсүгэр сүгэн, нэһиилэ куотан тахсан быыһаммыттар. Кыыс хорсун буолан, аҕатын умайа турар дьиэттэн быыһаатаҕа. Ол эрээри, уокка куоскатын былдьатан, аймалҕаҥҥа ытын сүтэрэн, дьиэтин уокка былдьатан улахан охсууну ылбыта саарбаҕа суох. Киниэхэ билигин уйулҕа үөрэхтээхтэрин көмөлөрө наһаа наада этэ. Ол гынан баран, сөптөөх уйулҕа көмөтүн ыла илик, босхо билигин туох даҕаны суох. Бэйэлэрэ даҕаны кыһалҕаҕа ылларбыт, үпкэ-харчыга кыһарыйтарбыт дьоҥҥо төлөбүрдээх өҥөнөн туһаналлара кыаллыбат.
«Эдэр гвардиялыын» – бииргэ
«Эдэр гвардия» ыччаттара алдьархай тахсыбыт күнүн сарсыҥҥытыттан көмөлөспүтүнэн барбыттара. Бастаан ас-үөл, таҥас-сап хомуйан аҕалбыттара. Ол кэннэ Охлопковтары кытары кэпсэтэн, кинилэр олохторун көрөн-истэн баран, саҥа дьиэни тутарга көмөлөһөргө туруммуттара.
Эдэр дьон бэс ыйын 16 саҕалаан «Саталга» тиийэн, бастаан хара сарсыардаттан түүн үөһүгэр диэри умайбыт дьиэни күттэрэн, оннун ыраастаабыттара. Уолаттар баһаартан ордубуту барытын сыбаалкаҕа таспыттара. Дьэ, ол кэннэ от ыйын 9 күнүттэн саҥа дьиэни тутууну саҕалаабыттара. Эдэр гвардеецтар тутуу матырыйаалын бэлэмнээн, акылаатын түһэрэн, септик түһэр дьааматын хаһан үлэлээн барбыттара. Билигин дьиэ көҥдөйө туран, үрдэ сабыллара, ааннара, түннүктэрэ тураллара хаалбыт. Мин тиийэ сырыттахпына, «Эдэр гвардияттан» икки уол, Саргылаана Егоровна, күтүөттэрэ уонна кини табаарыһа үлэлии сылдьаллара.
Тыйыс сыһыан дууһаны хаарыйар
Эппиппит курдук, бу ыалга икки доруобуйатынан хааччахтаах киһи баар – аҕалара уонна орто кыыстара. Кинилэр олохторун тухары доруобуйаларыгар сөптөөх мэдиссиинэ көмөтүн ылыахтарын наада. Аҕалара диализка сылдьар. Ол эрээри, ардыгар доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин тыйыс сыһыаннара чэгиэн да киһи дууһатын таарыйар. Оттон доробуйалара айгыраабыт дьоҥҥо төһөлөөх ыарахана буолуой. Ыал аҕата балыыһаҕа киирэн эмтэниэхтээх, доруобуйатын чэбдигирдиэхтээх эбит даҕаны, бэрэбиэркэтин кыайан ааспакка сылдьар. Дьокуускай куорат 3-с №-дээх поликлиникатын быраастара хаҕыстык сыһыаннаһан, урут кинилэргэ көрдөрүммэтэҕинэн куоһурданан, килиниичэскэй чинчийииттэн аккаастыы сатаабыттар. Хата, биир үтүө санаалаах киһи көстөн, сокуонунан туруорсан, бу нэдиэлэттэн кыһалҕа оннуттан хамсыах, Леонид көрдөрүнүөх курдук буолбут.
Үс киһи үөхтэ…
Аны туран, мин кэлэн кэпсэтэ олордохпуна, үс киһи тэҥинэн төлөпүөннээн, ыал ийэтин араастаан үөхтүлэр – бу олох сиэргэ баппат быһыы. Дьон-норуот харчытыгар буор-босхо дьиэ туттара сылдьаҕыт диэн ордугурҕаан эрийэллэрэ, араастаан саҥараллара киһи өйүгэр батан киирбэт. Туох өйдөөх-санаалаах дьон маннык киксэн баран алдьархайга түбэспит, кыһалҕалаах дьону саҥарарый. Ама, биһиги, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор, кыһалҕалаахха көмөлөһөр, ааспыты аһатар, тоҥмуту ириэрэр амарах майгылаах, сайдам санаалаах сахалар буолбатах этибит дуо? Үтүө санаанан салайтаран, сиэри-майгыны тутуһан тыйыс тымныылаах хоту дойдуга олохсуйан, тыыннаах хааллахпыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: